Сэтинньи ый 4 кунугэр Россия Федерациятын
ʏрдʏнэн Норуоттар сомо5оhууларын кʏнэ бэлиэтэнэр. Биьиги дойдубутугар араас омук дьоно иллээхтик олороллор, ʏлэлииллэр, ʏɵрэнэллэр. Нууччалар, сахалар, эбэҥкилэр, узбектар, дагестанестар, грузиннар уонна да атын элбэх омуктар. Хас биирдии норуот бэйэтэ туспа культуралаах, абыычайдаах онтуктара кɵлʏɵнэттэн кɵлʏɵнэҕэ бэриллэн иһэр. Хас биирдии норуот бэйэтэ туспа уус уран айымьылаах, туспа остуоруйалаах, туспа национальнай таҥастаах – саптаах. Дьэ ону барытын кɵрдɵрɵр сыаллаах – соруктаах нэһилиэк тэрилтэлэрин холбоһуктаах улахан кэнсиэрэ ʏрдʏк таһымҥа буолан ааста. Сцена5а бииртэн биир араас омук таҥаһын таҥныбыт ʏҥкʏʏһʏттэр, ырыаһыттар тахсан кɵрɵɵччʏ дохсун ытыһын тыаһынан доҕуһуоллатан олус сэргэх, сонун кэнсиэр буолан ааста. Олус кɵхтɵɵх кыттыыны ылбыт гос.учреждениялар коллективтарыгар уонна Н.И.Афанасьев аатынан орто оскуола коллективыгар махталбытын тиэрдэбит. Куруук маннык кɵхтɵɵх буолуҥ, бар дьоҥҥут махталын ыла сылдьыҥ.