Yрүӊ тунах ыһыах программата

«Сайдыы түмсүү бастыӊ түѳлбэтэ»

“Сахам сиэдэрэй танаһа”

«Уран тарбахтардаахтар, ураты дьоҕурдаахтар»

«Сайыына -Куо»

Публичный отчет МБОУ Борогонская СОШ

Отчетный концерт дошкольной группы

Программа дня Победы

Свеча памяти

«Окна Победы»

Программа праздника «Дорообо сандал саас»

«Эр хоьуун»

«Буран 2024»

«Дорообо сандал саас» конкурсы

Международный женский день

Смотр песни и строя

«В единстве — наша сила»

«Папа и я лучшие друзья» конкурс

Саха тылын, суругун-бичигин кунэ

Открытие года

Старый новый год

Новогодняя программа для пожилых

Голубой огонек

Театрализованное представление «Чолбон сулус»

«Страна чудес»

Театрализованное представление

Розыгрыш «Лови момент»

Шоу Концерт

Услуги Деда Мороза и Снегурочки

Программа новогодних мероприятий

Итоги года 2023

Концерт «Сайдам» туолбэ

Концерт «Сарыал» туолбэ

Фестиваль «Туолбэ талаана»


Положение
Фестиваля-конкурса  «Түѳлбэ  талаан 2023» .
Организаторы; КСК «Туьулгэ», МО «Борогонский наслег»  
Цель и задачи;  —  фестиваля «Түѳлбэ талаана» является формирование позитивного образа и утверждение значимости сельского жителя, развитие и пропаганда культурно – духовных ценностей, организация культурно – массового досуга и благоустройства.
— развитие массовости и повышение исполнительского мастерства самодеятельных коллективов
— выявления творческих талантов
— создание высокохудожественного репертуара
— подготовка для участие улусном фестивале
Условие фестиваля;
Каждая түѳлбэ предоставляет концертную программу 18 номеров. В концертную программу входят следующие обязательные номера по жанрам:
  -Вокал: хор
 — Танцы; соло, парный танец, ансамблевое исполнение (3)
 — Разговорный жанр; (монолог, инсценировка, сценка) (3)
  — Фольклор; тойук, народное пение, осуохай, хомус, чабыр5ах (2номера)
 — Оригинальный жанр; (клоунада, фокус, пантомима) (1) 
                                              Фестиваль проводится по графику;
— 18 ноября – түѳлбэ «Сарыал»
— 25 ноября – түѳлбэ «Күндэ»
— 2 декабря – түѳлбэ «Сайдам»
— 9 декабря- түѳлбэ «Кэскил» 
Критерии оценки:
— постановка и режиссура концерта
— оформление сцены
— применение инновационной технологии
— исполнительское мастерство
— сценическая культура и мастерство исполнителей по жанрам
— костюм, массовость  
Подведение итогов фестиваля; Итог фестиваля озвучивается на итоговом мероприятии комплексного смотра наслега «Сайдыы түмсүү бастыӊ түѳлбэтэ» в декабре месяце 2023г.
                                                                          

День народного единства

День матери

Декада пожилых

День учителя

💐📚💐📚💐📚💐📚
Уһуйааччы уонна аҕа саастаах сүбэһит сылын чэрчитинэн,учуутал күнүн үөрүүлээхтик бэлиэтиир дьоро киэһэ
«Сүгүрүйэбит эн үрдүк ааккар»
Программаҕа
🔹1.Олохтоох агрошкола уонна Дмитрий Афанасьевич Каратаев музейдарынан сылдьыы.
Саҕаланар: Сарсыарда 10 чаастан 16 чааска дылы.
🔸2.Тэрээһин үөрүүлээх чааһа (наҕараадалары туттарыы,эҕэрдэлэр)
Саҕаланар: 17 чаастан
🔹3.Остуол тула олорон оонньуу-көр,ааспыты ахтыһыы,уоттаах күөстээх үҥкүү-битии💃🏻🕺🏻🎤🎼.
Нэһилиэк олохтоохторун күндү ыалдьыт буолуҥ диэн ыҥырабыт.🤩🎉🎊👏🏻👏🏻👏🏻👏🏻.Кэлин, сылдьын, дуоьуйа сынньанын

Программа проведения Дня Государственности РС(Я)

Программа национального праздника ысыах

Ысыах пожилых

Конкурс «Сахам сиэдэрэй танаьа»

Yрүӊ тунах ыһыахха “Сахам сиэдэрэй танаһа”
күрэх балаһыанньата

Буолар күнэ: Бэс ыйын 21 күнэ 2023с.

Буолар сирэ: Ыһыахтыыр түһүлгэ.

Сыала-соруга:
— Саха омуга таӊнар танаһын ураты кѳстүүтүн, быһыытын-таһаатын, ойуутун-дьэрэкээнин сайыннаран, харыстаан үйэлэри уӊуордаабытын тириэрдии
— Сахалыы танаһы күннээ5и олоххо кэтэри сѳргүүтүү
— Айар талаанаах иистэнньэӊнэри арыйыы, үлэлэрин дьон сыанабылыгар таһаарыы

Күѳн-күрэс ирдэбиллэрэ:

— Сцена5а кэтиллэр, аныгылыы тупсарыллыбыт саха танаһа
— Танас-сап толорута, ситэритэ
тупса5ай кѳстүүтэ, уратыта
— Араас ньыманнан тигиллибитэ

Кыттааччылар бѳлѳхтѳрѳ:
Оҕолор 1-7 дылы
О5олор 8 — 17 дылы
Улахан дьон сааһа хааччахтаммат

Тэрээһин ирдэбиллэрэ:

Биирдиилээн кыттааччы усунуоһа 300 солк;

Сайаапканы Бэс ыйын 20 күнүгэр диэри бэриллэр.

Биһирэбил кѳрүӊнэрэ:

Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан кыайыылаахтарга сыаналаах бириистэр, дипломнар, туоһу суруктар туттарыллыахтара.

Конкурс «Yс саха үӊкүүтэ”

Yрүӊ тунах ыһыахха «Yс саха үӊкүүтэ” оһуокай күрэҕин балаһыанньата

Буолар күнэ: Бэс ыйын 21 күнэ 2023с.
Буолар сирэ: Ыһыахтыыр түһүлгэ.

Сыала-соруга:

— Өбүгэ тѳрүт үӊкүүтүн оһуохайы киэӊ эйгэ5э таһаарыы, үйэтитии, кѳлүѳнэтэн кѳлүѳнэ5э бэриллэрин ситиһии;
— Эдэр ыччаты оһуохайга уһуйуу, үѳрэтии;-
— Оһуохай этээччилэри кѳҕүлээһин, кэскиллээх эдэр оһуохайдьыттары дьоӊӊо-сэргэҕэ билиһиннэрии;

Күѳн-күрэс ирдэбиллэрэ:

Этээччи уус-уран тылын баайа, үӊкүүтүн тэтимэ, түһүлгэтин тутара;
— Куолаһын чолллоркойо, күүһэ, кылыһаҕа;
— Сахалыы таӊаһа-саба, тутта-хапта сылдьара;
— Этэр тылын хоһоонун хомоҕойо, ис хоһоонун ситэрэн, толору арыйыыта;
— Эдэр ыччаты оһуохайга уһуйуу, үѳрэтии
Этээччи бириэмэтэ хааччахтаммат, ол эрээри уһуннук этии сүрүн сыанабыл буолбат.

Кыттааччылар бѳлѳхтѳрѳ:

Оҕолор 7-17 дылы
Эдэр ыччат 18 -35 дылы
Улахан дьон 35 үѳһэ

Тэрээһин ирдэбиллэрэ:
Биирдиилээн кыттааччы усунуоһа 300 солк;
Сайаапканы Бэс ыйын 20 күнүгэр диэри бэриллэр.

Биһирэбил кѳрүӊнэрэ:
Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан кыайыылаахтарга сыаналаах бириистэр, дипломнар, туоһу суруктар туттарыллыахтара.

Смотр -выставка «Уран тарбахтардаахтар, ураты дьоҕурдаахтар»

«Уран тарбахтардаахтар, ураты дьоҕурдаахтар»
Быыстапка-дьаарбанка балаһыанньата

Буолар сирэ: Ыһыахтыыр түһүлгэ.

Буолар күнэ: 2023с, бэс ыйын 21 күнэ.

Быыстапка сыала-соруга:

— Уус-уран оӊоһуктар быыстапкаларын бастыӊ сиэдэрэй түһүлгэлэрин тэрийэн кѳрдѳрүү, талыы;
— Норуот уһанар, иистэнэр ньымаларыгар эдэр ыччаты угуйуу, үѳрэтии;
— Саӊа талааннары арыйыы;

Быыстапка кѳрүү-күрэххэ кыттар үлэлэр кѳрүӊнэрэ:

Туос, мас, тимир, муос, оҕуруо, сиэл-кыл. Иис кѳрүӊнэрэ: кыбытык тигии, кырадаһынынан, быысыбай, ат симэҕэ, сувенир;

Быыстапканы сыаналааһын:

— Оӊоһук композиционнай кѳстүүтэ;
— Хаачыстыбата;
— Yгэс буолбут ньымалары туттуу.

Быыстапкаҕа кыттыы ирдэбилэ:

— түѳлбэттэн ииһинэн – ууһунан дьарыгырар дьон кытталлар;
— Хас биирдии оӊоһукка кылгас аннотация ирдэнэр ( оӊоһук аата, туохтан оӊоһуллубута, ааптар аата.)

Тэрээһин ирдэбиллэрэ:

Кыттааачы быыстапкатын кѳстүүлээхтик, сиэдэрэйдик киэргэтэрэ сыаналанар;
Кыттааччы 300 солк усунуос тѳлүүр;
Хойутаабыт күрэхтэн туоруур;
Сайаапканы Бэс ыйын 20 күнүгэр дылы ылабыт.
Биһирэбил кѳрүӊнэрэ:
Дьүүллүүр сүбэ сыанатын түмүгэ түѳлбэ уопсай баалыгар киирэр

Смотр — конкурс «Сайдыы түмсүү бастыӊ түѳлбэтэ»

Yрүӊ тунах ыһыахха «Сайдыы түмсүү бастыӊ түѳлбэтэ» түѳлбэлэри кѳрүү-күрэх балаһыанньата

Ыытыллар бириэмэтэ: Бэс ыйын 21 күнэ 2023с.
Ыытыллар миэстэтэ: Ыһыахтыыр түһүлгэ

Түѳлбэлэр күрэхтэрин сыаналанар түһүмэхтэрэ:

— Түѳлбэлэр аналлаах түһүлгэлэрин киэргэтии. (ирдэнэр түһүлгэ тиэмэтин арыйыы, Саха оӊоһуктарын туһаныы.)
— «Сандалы остуолум» түѳлбэлэринэн ас-үѳл кѳрүүтэ. (аһын арааһа сыаналанар, сахалыы аска эбии балл ааҕыллар)
— Түѳлбэлэр парадтара (сыаналанар түһүлгэҕэ сахалыы таӊастаах сылдьыы, кыттыбыт киһитин ахсаанынан кѳрүү,сахалыы оӊоһуктары туттуу, ситиһиитин кѳрдѳрѳр транспораннара, симэхтээх аты киллэрии)
— Түѳлбэннэн «Уран тарбахтаахтар, ураты дьоҕурдаахтар» быыстапка кѳрүү күрэҕэ (Сиэлтэн-кылтан, туостан, кыбытык тигии, оҕуруоннан үлэ, ат симэҕэ, сыахай, мастан, туойтан уо.д.а. кѳрүӊнэр)
— Оһуохай күрэ5эр түѳлбэттэн саастарынан биирдии кыттааччы ирдэнэр:
Кыттааччылар бѳлѳхтѳрѳ:
Оҕолор 1-7 дылы
О5олор 8 — 17 дылы
Улахан дьон сааһа хааччахтаммат

Түһүмэҕи таһынан сыаналанар:
— маассабас;
— сонун идеяны киллэрии.
Күрэх биир эмит түһүмэҕэр кыттыбатахтарына штрафной балл ааҕыллар.
Күрэх түмүгунэн Түѳлбэлэргэ
Маннык номинациялар ананаллар:

«Бастыӊ түѳлбэ 2023»
«Сиэдэрэй симэхтээх» түѳлбэ
«Ыарыа – тойук аргыстаах» түѳлбэ
«Дэлэй астаах» түѳлбэ

Кыайыылаахтар сыаналаах анал бирииһинэн, дипломунан наҕарааданаллар.
Кѳрүү – күрэххэ кѳхтѳѳхтүк кыттан ыһыахпытын киэргэтиэҕин, ѳбүгэбит үгэһин үйэтитиэҕин.
«Сайдыы түмсүү бастыӊ түѳлбэтэ» сыллааҕы кѳрүү күрэххэ киирэр түһүмэх

100 лет Каратаева Дмитрия Афанасьевича

День защиты детей

Отчетный концерт

День Победы

«Окна Победы»

⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️Дистанционный смотр – конкурс 🎗️“Окна победы”🎗️
приуроченный ко Дню Великой Победы.
⚜️Организатор: МБУ «Борогонский КСК «Туьулгэ»
🎗️🏵️Прием работ: с 3 мая 2023 г. по 8 мая 2023 года (включительно)
⚜️Цели и задачи конкурса:
Популяризация творчества;
Пропаганда патриотизма;
Привлечение внимания детей к празднику Великой Победы;
Вовлечение детей и их родителей к участию в подготовке и проведению мероприятия;
⚜️Условия конкурса:
В конкурсе принимают участие все желающие;
Каждый участник конкурса украшает окна дома по тематике праздника;
🚩Заявки на конкурс принимаются с 3 по 8 мая т.г., включительно;
Конкурсные работы принимаются по тел: 89627399106;
Взнос с каждого участника составляет 1️⃣0️⃣0️⃣ рублей, оплата производится через мобильный банк 8️⃣9️⃣1️⃣4️⃣2️⃣7️⃣7️⃣4️⃣6️⃣2️⃣6️⃣ (приложить скрин чека об оплате).
🏵️Награждение победителей:
Все участники будут оценены сертификатами и дипломами победителей
Итоги конкурса и фотографии участников конкурса будут опубликованы на официальной странице КСК «Туьулгэ» http://borogonkck/ru/ Итоги конкурса будут опубликованы 10 мая на сайте КСК «Туьулгэ»

«Бары биир сомо5о»

День Республики

Соревнование «Эр хоьуун»

Конкурсы приуроченные к проведению народного гуляния «Дорообо сандал саас»

«Дьээбэрэн 2023»

🥳🤩🥳🤩🥳🤩
Бу ый, ол эбэтэр кулун тутар 18 күнүгэр «Түһүлгэ» сынньалаҥ киинигэр «Дьээбэрэҥ -2023″🎭үһүс төгүлүн ыытыллар, улуустааҕы көрүү-күрэх.

🎭🤡🎪🤹‍♀️🤹‍♂️ Дьээбэни-хообону, көрү-күлүүнү көҕүлүттэн туппут, норуоттан тахсар талааннары астына дуоһуйа көрүөххүт, сыаналыаххыт
Кыттыыны ылыахтара:
Кэбээйи улууһуттан Мастаах, Мукучу, ону таһынан Чинеке, Бөтүҥ, Тыымпы, Балаҕаччы, Бороҕон нэһилиэктэрэ. Нэһилиэкпит олохтоохторун бука барыгытын ыҥырабыт! Кэлиҥ, көрүҥ, күлүн-үөрүн, астына дуоһуйа сынньаныҥ.Саҕаланар: 17:00 чаастан.
Киирии билиэт: Оҕолорго — 100 солк.
Улахан дьоҥҥо- 150солк.

🥳🎊🥳🎉🥳👏🏻👏🏻👏🏻👏🏻👏🏻👏🏻Ону таһынан итии чэйдээх, араас эгэлгэ астаах — үөллээх буфет үлэлиэ😋☕🍕🧋🍔🍽️🥣🤩

Открытый конкурс » Дьээбэрэн 2023″


«Дьээбэрэҥ 2023»
аһаҕас көр-күлүү күрэҕин балаһыанньата
 
Буолар сирэ: Боро5он нэьилиэгэ
Буолар күнэ-ыйа: Кулун тутар  18   күнэ 2023 с.
Тэрийээччилэр: «Боро5он нэьилиэгэ» МТ, Боро5онноо5у «Түһүлгэ» КСК.
Бириэмэтэ: 17- 00 чаастан
Регистрация: 14-00 чаастан

Тэрээһин  сыала-соруга:
— Көр- күлүү араас көрүҥнэригэр дьарыктанар дьону талааннарын арыйыы, дьоҕурдарын сайыннарыы, сибээьи олохтооьун
— норуоттан тахсар көрү- күлүүнү сценаҕа таһаарыы
— сонун айымнньылары көрдөөһүн
 
Тэрээһин  ирдэбиллэрэ:
-кыттааччы сааһа хааччахтаммат
-конкурска кыттыы тѳлѳбүрэ хас биирдии нʏɵмэртэн 400 с.
— кэпсэтии жанрыгар – көрдөөх кэпсээннэр, чабырҕахтар, хоһооннор, анекдоттар, үгэлэр, сценкалар
— музыкальнай жанрга – көрдөөх ырыалар, музыкальнай эксцентрика, көрдөөх үҥкүүлэр
— оригинальнай жанрга – пантомимо, клоунада, фокус
— биирдиилээн, бөлөҕүнэн кыттааччылар хас да жанрга кытталлара көҥүллэнэр
— нүөмэрдэр анал көстүүмнээх буолуохтаахтар
 
Сыаналааһын  ирдэбиллэрэ:
-уус-уран таҺыма, тылын-өһүн баайа
-сцена5а тутта-хапта сылдьыыта
-танаһа-саба
— көрөөччүгэ тиэрдиитэ
 
Кыайыылаахтары на5араадалааьын:
-1,2,3 степеннээх лауреаттар
-Гран-при
— анал ааттар
— туоһу суруктар
Кыттыан ба5алаахтар сайаапка5ытын кулун тутар 16  күнүгэр дылы тиксэрэ5ит
Билсэр телефон: 34-4-05, 89142774626, 89142336216, 89627399106
 
Тэрийэр хамыыҺыйа

Конкурс «Умат сулуспун»

«Умат Сулуспун»
 күѳн – күрэс балаҺыанньата
 
Ыытыллар сирэ: КСК “Туьулгэ”
Күнэ – дьыла; Кулун тутар 8 күнэ 2023
Сыала — соруга;
—        Эстрада ырыатын сайыннарыы, сана талааннары арыйыы,
—        Ырыаны толорооччу маастарастыбатын урдэтии,
—        Ырыаьыттар икки ардыларыгар культуурнай сибээҺи бигэргэтии.
— кыттааччы баала сылы быьа ыытыллар «Түѳлбэ талаана» кѳрүү — күрэххэ эбиллэр
 
Күрэх  услуобуйата;
—        Күрэх икки түҺүмэ5инэн ыытыллар.
—        Күрэххэ кыттар туҺунан сайаапкалары, кулун тутар 5 күнүгэр дылы бэриллэр
—        Күрэххэ кыттарын иҺин 300 солк, взнос тѳлүүр.
Күрэх ирдэбилэ;
—        Күрэххэ 14 үѳҺэ саастаах  дуэтынан ыллааччылар кытталлар,
—        Түѳлбэттэн 3 паара
—        Кыттааччылар икки ырыаны толороллор, 1 Дойду туҺунан ырыа 2 Кѳӊүл ырыа
—        Толорооччу ырыа ис хоҺоонугар сѳп түбэҺэр үӊкүүннэн, кѳмѳ куолаҺынан киэргэтэрэ кѳӊүллэнэр..
 
Тэрийээччилэр; “Туьулгэ” КСК
 

Конкурс «Ыллаа — туой, уол о5о»

🚩👦🏻🚩👦🏻🚩👦🏻🚩👦🏻
Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлээн туран, олунньу 23 күнүгэр 🎼🎤🎹 «Ыллаа — туой, уол оҕо» байыаннай — патриотическай ырыа күрэҕэр, киэһэ 18:00 чаастан, «Түһүлгэ» сынньалан киинигэр бука барыгытын, нэһилиэкпит олохтоохторун ыҥырабыт.
🎊⚜️🎊⚜️🎊⚜️
Кэлиҥ, көрүҥ, сэргээҥ! Оторой- моторой көрбүт оҕолорбутугар күүс — көмө буолан сылаас ытыскыт тыаһын бэлэхтээҥ. 🥳🎉🎊👏🏻👏🏻👏🏻👏🏻Киирии босхо.

Отчет органов исполнительной власти РС(Я)

Саха тылын, суругун — бичигин кунэ

🎊📚📝🖊️📖📚🎊
Саха тылын, суругун — бичигин күнүгэр аналлаах тэрэһиннэр:
⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️
Олунньу 13 күнүгэр киэһэ 16 чаастан. «Туьулгэ КСК»
«Айхал, сахам тылыгар!» төрөөбүт тыл, сурук — бичик күнүн үөрүүлээх тэрээһинигэр кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт.
Тэрээһин хаамыыта
🔸Үөрүүлээх арыллыы.
🔸Оллоонноох олоҥхо.
🔸Оһуор үҥкүүтэ челлендж.
🔸Күргүөм оһуохай.
Кэлиҥ, кыттыҥ саха саҥалаах саҥата, үҥкүүтэ, ырыата сир дойду үрдүгэр доллоһута туойулуннун
⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️
Олунньу 14 күнүгэр 15 чаастан олохтоох библиотека дьиэтигэр
саха дьыктаана
⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️
Олунньу 17 күнүгэр 17 чаастан Түһүлгэ КСК
«Толкуйдаа, оонньоо, кыай» хамаандалар икки ардыларыгар күрэх.
Киириитэ босхо.
Кэлиҥ, сылдьыҥ, сынньаныҥ!🎊🥳🥳

Открытие года педагога и наставника в РФ , года труда в РС(Я) , года здоровья в Вилюйском улусе

⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️
Болҕойуҥ, болҕойуҥ, болҕойуҥ!
Олунньу 4 күнүгэр киэһэ 7 чаастан Российскай федерацияҕа педагог уонна наставник сылын, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үлэ сылын, улууспутугар доруобуйа сылын арыйар үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кэлэн күндү ыалдьыт буоларгытыгар ыҥырабыт. ✨🌟✨Эһиэхэ эрэ анаан сылы арыйыы үөрүүлээх чааһа уонна «Үлэ киһини киэргэтэр» уһуйааччылар хамаандаларын икки ардыгар ыытыллар көрүү күрэх. 🎤🎧🎼💃🏻🕺🏻Хамаандалар ырыаларын — тойуктарын, талба талааннарын, дьоҕурдарын көрүөххүт, истиэххит сыаналыаххыт.🎊🎊🎊 Кэмсиниэххит суоҕа кэлиҥ, сылдьыҥ, сынньаныҥ
Киирии 100 с.🤩🥳🎉🎊👏🏻👏🏻👏🏻👏🏻

Благотворительный концерт

День матери

 День пожилых

Бороҕоннооҕу  «Түһүлгэ» сынньалан киинигэр Алтынньы 8️ күнүгэр, 15:00 ч. аҕам саастаахтар күннэрин чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиммитигэр ыҥырабыт. Эҕэрдэ тыллар, эҕэрдэ нуомэрдэр, итии чэйдээх остуол ☕. «Көмүс күһүн бэлэҕэ» (бэйэ көрүүтүгэр оҕуруот аһыттан биирдии бүлүүдэни астаан кэлии) көлүөнэннэн. Саха АССР 100 сылын көрсө, ийэ сылынан «Төрөөбүт дойдугун төһө билэҕин?» ТОК — шоу, «Күһүҥҥү зонт☂️» зонтик киэргэтиитэ, күһүҥҥү тиэмэҕэ көлүөнэннэн Ретро — муода, » Саамай улахан оҕуруот аһа» күрэх көлүөнэннэн. Ону таьынан араас көрдөөх күрэхтэр, караоке, үҥкүү — битии. Кэлиҥ, сылдьыҥ, дуоһуйа сынньаныҥ.

Положение конкурса «Туойабын, Сахам сирин»

Саха сирин Судаарыстыбаннаһын уонна Саха АССР 100 сылыгар аналлаах «Туойабын, Сахам сирин» куйаар ситиминэн ыытыллар аһаҕас хоһоон күрэҕин

Балаһыанньата

Тэрийээччилэр: «Бороҕоннооҕу «Туьулгэ» культурнай-спортивнай комплекс»

Күрэх ыытыллар бириэмэтэ: Балаҕан ыйын 22 күнүттэн, Балаҕан ыйын 27 күнүгэр дылы.

Курэх сыала-соруга:

— Сахабыт сирин туһунан айыллыбыт хоһооннору пропагандалааһын;

— Тѳрѳѳбүт дойдуну, тылы таптыырга, дойдуга бэриниилээх буолууга иитии;

— ааҕар талааннаахтары кѳрдѳѳһүн уонна ѳйѳѳһүн.

Күрэх усулуобуйата:

 биирдиилээн толоруу

— оскуола иннинээҕи саастаахтар;

— 7-12 саастаахтар;

— 13-18 саастаахтар;

— 18-тан үѳһэ саастаахтар

— Күрэскэ кыттааччылар Саха АССР 100 сылыгар аналлаах, Саха сирин уонна тѳрѳѳбүт дойду туһунан саха поэттарын хоһооннорунан эбэтэр бэйэ айбыт хоһоонунан кыттара ирдэнэр.

Курэҕи сыаналааһын:

— уус-уран ааҕыыны толоруу маастарыстыбата (дикцията, ис хоһоонун арыйыыта, толоруу иэйиитэ, истээччигэ дьайыыта);

— сценическай культура;

— саӊа технологияны туһаныы, музыканнан доҕуһуол, искусство атын кѳрүӊүнэн киэргэтии кѳӊүллэнэр;

— видео хаачыстыбыта, араас приложенияны туһанан киэргэтиитэ

Кыайыылаахтары наҕараадалааһын:

— кыайыылаахтарга дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан 1, 2, 3 истиэпэннээх лауреаттар, дипломаннар ананыахтара

Кыттааччы усунуоһа 200 солк

Курэх түмүгэ Балаҕан ыйын 28 күнүгэр borogonkck.ru сайт страницатыгар тахсыаҕа.

Билсэр телефоннаргыт: 89142336216 (уус-уран салайааччы Федоров С.С)

89148293980 (Федорова А.Н)

Программа проведения национального праздника Ысыах

«Сандалы Саарына» күөн-күрэс балаһыанньата

Бороҕон нэҺилиэгин үрүҥ тунах ыҺыаҕар ыытыллар «Сандалы Саарына» күөн-күрэс балаһыанньата Буолар күнэ: Бэс ыйын 25 күнэ, 2022с.
Буолар сирэ: Ыһыахтыыр түһүлгэ.
Сыала-соруга:
— Былыргы ыһыахтарга ыытыллар биир кѳхтѳѳх үгэһи сѳргүтүү.
Ирдэбилэ сандалыга тардыллыбыт аһы ыраастык, туттан аһаан бүтэриэхтээх. Онно киирэллэр: 10 алаадьы, 1 лиитэрэ быырпах,3 балык,500 грамм балык миинэ.
Кыттааччы:
— Түѳлбэттэн 1- дии киһи кыттар;
— Саастара хааччахтаммат;
— Кыттыы иһин усунуос 200 солк;
— Кыттааччылар сахалыы таӊастаах буолаллара ирдэнэр.
Биһирэбил: — Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан ыраастык, тургэнник, элбэҕи аһаабыт киһиэхэ “Сандалы Саарына” анал аат иӊэриллэр.

«Yѳрүүлээх күннэрим үүннүлэр” оһуокай күрэҕин балаһыанньата

Yрүӊ тунах ыһыахха «Yѳрүүлээх күннэрим үүннүлэр” оһуокай күрэҕин балаһыанньата
Буолар күнэ: Бэс ыйын 25 күнэ 2022с.
Буолар сирэ: Ыһыахтыыр түһүлгэ.
Сыала-соруга:
— Оһуохайы сѳргүтүү уонна кѳҕүлээһин;
— Эдэр ыччаты оһуохайга уһуйуу, үѳрэтии;
— Оһуохай этээччилэри кѳҕүлээһин, кэскиллээх эдэр оһуохайдьыттары дьоӊӊо-сэргэҕэ билиһиннэрии; — Оһуохайы үйэтитии.
Күѳн-күрэс ирдэбиллэрэ:
— Этээччи уус-уран тылын баайа, үӊкүүтүн тэтимэ, түһүлгэтин тутара;
— Куолаһын чолллоркойо, күүһэ, кылыһаҕа;
— Сахалыы таӊаһа-саба, тутта-хапта сылдьара;
— Этэр тылын хоһоонун хомоҕойо, ис хоһоонун ситэрэн, толору арыйыыта;
— Этээччи бириэмэтэ хааччахтаммат, ол эрээри уһуннук этии сүрүн сыанабыл буолбат.
Кыттааччылар бѳлѳхтѳрѳ:
— Оҕолор 7-17 дылы
— Эдэр ыччат 18 -35 дылы
— Улахан дьон 35 уоьэ
Тэрээһин ирдэбиллэрэ:
— Биирдиилээн кыттааччы усунуоһа 300 солк;
— Сайаапканы Бэс ыйын 25 күнүгэр диэри бэриллэр.
Биһирэбил кѳрүӊнэрэ:
— Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан кыайыылаахтарга сыаналаах бириистэр, дипломнар, туоһу суруктар туттарыллыахтара.

«Сайыына -Куо» аһаҕас кэрэ куолар күөн-күрэстэрин балаһыанньата

Бороҕон нэҺилиэгин  үрүҥ тунах ыҺыаҕар ыытыллар «Сайыына -Куо» аһаҕас кэрэ куолар күөн-күрэстэрин балаһыанньата
Буолар сирэ: Бороҕон нэҺилиэгэ
Буолар күнэ-дьыла: 2022 с. бэс ыйын 25 күнэ
Тэрийээччилэр: “Бороҕон нэҺилиэгэ” муниципальнай тэриллии, “Бороҕоннооҕу “ТүҺүлгэ” культурнай-спортивнай комплекс”.
Күөн-күрэс сыала-соруга:
• Ырыаҕа ылламмыт, хоhооҥҥо хоhуйуллубут саха нарын кыргыттарын кэрэ дьүһүннэрин, сахалыы сиэри-майгыны кытта дьүөрэлэhиннэрэн арыйан көрдөрүү, айылҕаттан айдарыллыбыт дьоҕурдарын сайыннарыыга көҕүлээhин.
Күөн-күрэс түһүмэхтэрэ:
1. Уус-уран тылынан бэйэни билиһиннэрии “Сиргэ түспүт сэрэбиэйим , окко түспүт оҥоһуум”: Ирдэбилэ: хара платье, илин кэбиьэр, бастыҥа, сахалыы уустаан — ураннаан бэйэни билиҺиннэрии (3 мүн. уhуна суох);
3. Айылҕаттан бэриллибит талба талааным
Ирдэбилэ: кыттааччы талаана(ырыа,үҥкүү, фольклор уо.д.а.)
4. “Үүт – үкчү” пародия
Ирдэбилэ: Дисней мультик персонажтарыттан талан үтүктүү
5. “Симэммит сиэдэрэй сэлээппэ”
Ирдэбилэ сайыҥҥы темаҕа сэлээппэ оҥорон киэргэтэн көрдөрөр
6. Саха талба таҥаҺа
Ирдэбилэ: Сыанаҕа кэтиллэр саха таҥаҺа.Таҥас толору симэхтээх буолуохтаах
Тэрээһин ирдэбиллэрэ:
— Күрэххэ кыттааччы сааhа 12-тан 18-гар дылы;
— Кыттыы иһин усунуос 300 солк.;
Сайаапка бэс ыйын 15 күнүгэр дылы ылыллар.
Наҕараадалааhын:
— «Сайыына — Куо» — сүрүн бириис;
— анал ааттар иҥэриллэллэр:
— Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан кыайыылаахтарга дипломнар, сыаналаах бириистэр туттарыллыахтара;
— Заявкаҕа кыттааччы аата толору, сааһа суруллар

«Оьуор мандар» сахалыы авангард танас көрүү күрэ5ин балаһыанньата

Үрүҥ тунах ыьыахха «Оһуор мандар» сахалыы авангард танаһы көрүү күрэх балаһыанньата. Ыытыллар бириэмэтэ:
Бэс ыйын 25 күнэ 2022 с.
Ыытыллар миэстэтэ: Ыһыахтыыр түһүлгэ
Сыала-соруга: саха омук сиэринэн үрүҥ тунах ыһыахха сахалыы сайбаччы таҥнан сылдьыы үгэһин үйэтитии, ыччакка тиэрдии, саха танаһын аныгылыы тупсаран тигээччилэри, таҥнааччылары көҕүлээһин.
Кыттааччылар: Оҕолор 17 саастарыгар дылы икки бөлөххө арахсаллар:
1 сааһыттан 7 сааһыгар дылы уонна 8 сааһыттан ¬17 дылы ,
улахан дьон:
дьахтар, эр киьи.
Ким баҕалаах барыта кыттар.
Ирдэбиллэрэ:
-күөн күрэскэ кыттааччы өбүгэбиттэн кэлбит сахалыы оһуордаах – мандардаах сахалыы таҥаһы аныгылыы бэйэтэ тупсаран хайа баҕар материалы туһанан бэйэтин эскиһынан тиктибит, оҥостубут таҥаһынан кыттар
— Кыттааччы бэйэтин үлэтин айамньыта ордук биһирэнэр
-Саха таҥаһын комплегар киэргэллээҕэ ирдэнэр
-кыттыы иһин 300 с. взнос төлүүллэр
Түмүгү таһаарыы: Үс бөлөххө: 1,2,3, миэстэлэр ананаллар.
Кыайыылаахтар анал бирииһинэн, дипломунан наҕараадаланаллар.
Көрүү-күрэххэ көхтөөхтүк кыттан ыһыахпытын киэргэтиэҕин, өбүгэбит үгэһин үйэтитиэҕин.

«Уран тарбахтаахтар ураты, дьо5урдаахтар» быыстапка көрүү күрэ5ин балаьыанньата

Бороҕон нэҺилиэгин ыҺыаҕар ыытыллар *«Уран тарбахтаахтар, ураты дьоҕурдаахтар» түөлбэлэр уран оҥоһуктарын быыстапкатын көрүү күрэ5ин тосхоло.
Буолар сирэ:Бороҕон нэҺилиэгэ
Буолар күнэ-дьыла: 2022 с. бэс ыйын 25 күнэ
Тэрийээччилэр: “Бороҕон нэҺилиэгэ” муниципальнай тэриллии, “Бороҕоннооҕу “ТүҺүлгэ” культурнай-спортивнай комплекс
Көрүү — быыстапка сыала-соруга:
• Уус-уран оҥоҺуктар быыстапкаларын бастыҥ сиэдэрэй түҺүлгэлэрин тэрийэн көрдөрүү,
• Маастардар үлэлэрин киэҥ эйгэҕэ таҺаарыы;
• Уран тарбахтаах уустар, иистэнньэҥнэр үрдүк таҺымнаах оҥоҺуктарын, оҥорор ньымаларын көрдөрүү.
Көрүү — быыстапкаҕа кыттыыны ылаллар:
• Түөлбэлэртэн тимир, мас, көмүс уустара, иистэнньэҥнэр;
• Кыттааччы уус-уран оҥоҺук бары көрүҥнэринэн кыттыыны ылар (кырадаҺынтан таҥан төрүт иис; тирии, сарыы; оҕуруоттан оҥоҺуктар; мастан, туостан ыҺыах иҺитэ-хомуоҺа, мала-сала, ).
ТэрээҺин ирдэбиллэрэ:
• Быыстапка көстүүлээх, сиэдэрэй киэргэтиитэ сыаналанар;
• Биирдиилээн көрүҥнэр оҥоһууларын, тигиилэрин хаачыстыбата
• Өбүгэ үгэһин тутуһуута
• Хас көрүҥҥэ кыттыбыта
• Кыттыы иҺин 300 солк. төлөнөр;
БиҺирэбил көрүҥнэрэ:
• Быыстапка уопсай баала түөлбэ көрүү күрэҕин уопсай баалыгар эбиллэр
• Дьүүллүүр сүбэ быҺаарыыта бүтэҺиктээх.

«Сайдыы түмсүү бастын түѳлбэтэ» кѳрүү күрэх балаьыанньата

Yрүӊ тунах ыһыахха түѳлбэлэри кѳрүү-күрэх балаһыанньата
Ыытыллар бириэмэтэ: Бэс ыйын 25 күнэ 2022с.
Ыытыллар миэстэтэ: Ыһыахтыыр түһүлгэ
Түѳлбэлэр күрэхтэрин сыаналанар түһүмэхтэрэ:
1. Түѳлбэлэр аналлаах түһүлгэлэрин киэргэтии. (ирдэнэр түһүлгэ тиэмэтин арыйыы, Саха оӊоһуктарын туһаныы.)
2. «Сандалы остуолум» түѳлбэлэринэн ас-үѳл кѳрүүтэ. (аһын арааһа сыаналанар, сахалыы аска эбии балл ааҕыллар)
3. Түѳлбэлэр сахалыы таӊастарын кѳрүү (сыаналанар түһүлгэҕэ сахалыы таӊастаах сылдьар киһитин ахсаана)
4. Түѳлбэннэн «Уран тарбахтаахтар, ураты дьоҕурдаахтар» быыстапка кѳрүү күрэҕэ(Сиэлтэн-кылтан, туостан, кыбытык тигии, оҕуруоннан үлэ, ат симэҕэ, сыахай, мастан, туойтан уо.д.а. кѳрүӊнэр)
5. «Yѳрүүлээх күннэрим үүннүлэр» оһуохай күрэҕэ.
Ирдэнэр: 1 оҕо, 1 эдэр ыччат, 1 улахан киһи
6. «Оһуор мандар» сахалыы авангард таӊас күрэҕэр кыттааччытын ахсаана сыаналанар
7. «Аһаастаах киһи» аһастар күрэхтэрэ.
Түѳлбэттэн 1 –дии кыттааччы ирдэнэр.
8. «Уруйдан үрүӊ тунах ыһыах» эҕэрдэ концерт.
Ирдэбиллэрэ: Түѳлбэттэн 3-түү нүѳмэр: — 2 ырыа; — 1 үӊкүү.
Түһүмэҕи таһынан сыаналанар:
— маассабас;
— сценическай культура;
— сонун идеяны киллэрии.
Күрэх биир түһүмэҕэр кыттыбатахтарына штрафной балл ааҕыллар. Күрэх түмүгунэн Түѳлбэлэргэ Маннык номинациялар ананаллар:
1. «Бастыӊ түѳлбэ 2022»
2. «Сиэдэрэй симэхтээх» түѳлбэ
3. «Ырыа-тойук аргыстаах» түѳлбэ
4. «Дэлэй астаах» түѳлбэ
Кыайыылаахтар сыаналаах анал бирииһинэн, дипломунан наҕарааданаллар. Кѳрүү – күрэххэ кѳхтѳѳхтүк кыттан ыһыахпытын киэргэтиэҕин, ѳбүгэбит үгэһин үйэтитиэҕин.
«Сайдыы түмсүү бастыӊ түѳлбэтэ» сыллааҕы кѳрүү күрэххэ киирэр түһүмэх.

Программа проведения конкурса «Сир симэхтэрэ»

Конкурс «Сир симэхтэрэ«

Празднование 77-й годовщины Победы в ВОВ

Конкурс «Окна Победы»

Конкурс «Мы рисуем Победу»

Эйэ, Май,Улэ бырааьынньыга

100- летие ЯАССР