Боро5он нэьилиэгэр культура сайдыыта
Бороҕон нэһилиэгэ Бүлүү улууһун илин эҥээригэр баар. Лена өрүскэ тиийэ нэлэһийэ сытар сирдэрдээх кытыы түөлбэ буолар.Архыып докумуоннара этэллэринэн, Бороҕон сирэ кулун тутар 10 күнүгэр 1909 с. Туспа нэһилиэк буолбут. Онтон кэлин, 1951 с. Бүлүү өрүс уҥуоргу өттүгэр баар Модут нэһилиэгэ уонна холкуоһа Бороҕону кытта холбоһон, Чай диэн, икки күөл икки ардыгар субуруһан киирэр үрдүк кырдалга, саҥа бөһүөлэги тэрийбиттэр.
1940 сылтан нэьилиэккэ аа5ар бала5ан диэн тэрилтэ тэриллибитэ. Аа5ар бала5ан сэбиэдиссэйдэринэн үлэлээбиттэрэ: Унаров Яков Николаевич, Мальцева Мария Кирилловна, Федоров Иван Григорьевич. Кинилэр анал үөрэхтэрэ суо5а.
1951 сыллаахтан аа5ар бала5ан уларытыллан тыа сирин кулууба уонна тыа сирин библиотеката диэн икки тэрилтэ тэриллибитэ. Манна 1951-56 сыллардаахха Павлов Кирилл Афанасьевич, Бугуева Светлана Афанасьевна үлэлээбиттэрэ.1956-57 сс. Кулууб сэбиэдиссэйинэн Михайлов Аким Никифорович ананан үлэлээбитэ.Онтон 1958 с. Иванов Данил Семенович анаммыта. Кини сэттэ сыл со5ото5ун үлэлээбитэ. 1565 сылтан кулууб культура дьиэтэ диэн ааттаммыта уонна эбии уус-уран салайааччы штата көрүллүбүтэ. Веревкина Елизавета Кондратьевна диэн анал үрэхтээх үлэһит уус-уран салайааччынан ананан икки сыл үлэлээбитэ. Ол кэмтэн ыла нэһилиэнньэ сынньалаңын тэрийии кэрэхсэбиллээхтик ыытыллар буолбута.50-60 сс. Самодеятельность коллектива пьесалары, спектакллары көрдөрүү хайысхатын тутуспута. Манна 1965 с. Библиотека5а сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит Колтовской Илья Игнатьевич, остуорас Семенова Х.Т., биригэдьиир Алексеев А.С., Колтовская А.С. кө5үлээччинэн буолбуттара.
Кулууб үлэтигэр нэьилиэк тойуксуттара, олонхоьуттара Гоголев Трофим Петрович, Васильев Афанасий Софронович, Каратаев Василий Осипович сыстан сүбэ-ама, көмө буолбуттара.Оьуокайы этээччилэринэн дьон биьирэбилин ылбыттара: Колтовской Илья Игнатьевич, Савинов Дмитрий Николаевич, Алексеев Афанасий Семенович.Бу жанрга кэлин Христина Петровна уолунаан Владимр Каратавтыын, Елизавета Семенова, Наталья Прокопьева, Мария Иванова, Николай Константинов курдук ыччаттар тардыллан дьон биьирэбилин ылбыттара. Самодеятельноска кыттыыттан сэдиптээн кэлин Семенова Х.Т. уола Семенов Кирилл Михайлович идэтийбит артыыс буола үүммүтэ, Колтовская Анастасия Степановна Бүлүү оройуонун народнай театрын артыыьа буолбута. Маны тэңэ Иванов Иван Гаврильевич эмиэ Бүлүү куоратын культуратын дьиэтин биир активнай кыттааччыта буолбута.Онтон Каратаев В.О., Васильев А.С. республика5а биллэр олонхоьуттар буола үүммүттэрэ.
1967 сыллаахха Семенова Елизавета Афананасьевна биир сыл уус-уран салайааччыннан үлэлээбитэ. 1970 сылтан анал үөрэхтээх Гоголева Лидия Трофимовна анаммыта. Кини 1978 сылга дылы үлэлээбитэ.
1970-с сыллартан са5алаан вокальнай ырыа жанра киирбитэ.Ырыа жанрыгар дьон биьирэбилин ылбыттара: Боронова Т.П., Иванов Н.Т., Гоголева Л.Т., Семенова Е.А., Федорова А.В., Иванова М.А., Сивцева,Н.А., Чемчоева И.В.
1975 сыллаахха кулууп иьинэн бастакы инструментальнай ансамбль тэриллибитэ. Ол ыччат ортотугар улахан сэңээриини ылбыта. Бу оркестры тэрийээччилэринэн Спиридонов Николай Михайлович, Александров Алексадр Ромонович, Савинов Владимир Прокопьевич, Барчалыров Валерий Петрович, Прокопьев Анатолий Афанасьевич буолбуттара. Спиридонов Н.М. ритм гитара5а, Александров А.Р. бас гитара5а, Савинов В.П., Барчалыров В.П. ударнай инструменнарга оонньообуттара. Итинтэн тирэх ылан Спиридонов Н.М. Дьокуускайдаа5ы музыкальнай училищаны(баян кылааьын), Александров А.Р. Илин Сибиирдээ5и культура институтун народнай фольклор салаатын бүтэрбиттэрэ.Н.Спиридонов Кэбээйи улууьун Мукучутугар «Сата» диэн эр дьон ансамбылын тэрийэн республика5а биллибитэ, оттон А.Александров «Орто дойду оло5о» диэн Саха бастакы этнографическай киинэтигэр уьуллубута.Кини Саха сиригэр хабар5а ырыатын биир батакы толорооччутунан буолбута.
Мэңэ учаастагын дьоно өртөн са5алаан хомуска оонньуур идэлээхтэрэ. Онтон ситимнээн Мальцева Мария Кирилловна хомуска оонньооьунна оройуонна хас да төгүл лауреат буолбута.Кини хомуска тардар техниката ураты, кэрэ этэ. Киниттэн үөрэнэн хомуска оонньооччу ахсаана элбээбитэ. Анатолий,Виталий, Светлана, Иннокентий Прокопьевтар дьиэ кэргэн ансамбылынан араас мероприятияларга, конкурстарга кытталлара. Анатолий Прокопьев 1977 сылга Ньурба5а ыытыллыбыт зонатаа5ы көрүүгэ кыттан лауреат буолбута.
Кирилл Мальцев, Аян Михайлов, Реворий Чемчоев, Михаил Мальцев курдук республика5а биллэр хомус уустара баар буолбуттара.
Сцена5а үңкүүнү бастакы тэрийээччиннэн, көрдөрөөччүннэн Христина Афанасьевна Игнатьева, Иннокентий Николаевич Иванов буолбуттара. Христина төһө да элбэх о5олоох ыал ийэтэ буоллар, оччотоо5у кэм таьымыгар кэрэхсэнэр үңкүүьүт этэ. Кини оскуола о5олорун, ыччаттары үңкүүгэ уьуйбута. Оттон Алексеева Мария Ефимовна бэртээхэй хоьоон аа5ааччы, чабыр5ахсыт этэ. Ол идэтин олохтон туоруор дылы бырахпата5а. Ыьыахтары балачча тэрээьиннээхтик ыытыы 1976 сылтан са5аламмыта. Чай бөһүөлэгэ тэриллибитэ 30 сыла туолуутунан сибээстээн ыьыах миэстэтэ Булгунньахтаах билиитигэр туруоруллубута. Нэьилиэнньэ күргүөмүнэн тахсан, онно сынньанан, аьаан-сиэн ыьыа5ы атаарар бэрээдэк олохтоммута. Онуоха зоналарынан куоталаьыы тэриллиитэ тэрэх буолбута. Кэлин ыьыахтыыр сир Атах Халдьаайытыгар көһөрүллүбүтэ.
1978-87 сыллардаахха уус-уран салайааччыннан үлэлээбиттэрэ: Гоголева Елена Трофимовна, Каратаев Владимир Петрович, Федоров Макар, Иванова Мария Афанасьевна. 1978 сылтан са5алаан агитзоналарынан үлэ са5аламмыта. Агитзоналарынан үлэни тэрийии киинин оскуола дириэктэрэ Афанасьев Николай Иванович салайбыта. Бу үлэ5э оскуола учууталлара активнай кыттыыны ылбыттара. Зоналар икки ардыларыгар куоталаьыы усулуобуйата оңоьуллубута, онон үлэ олус көхтөөхтүк барбыта.Куоталаьыы квартал аайы түмүктэнэн, кыайыылаахтар дипломунан, көһө сылдьар вымпелынан бэлиэтэнэллэрэ. Бырааьынньыктары, бэлиэ күннэри агитзоналар тэрийэн ыытар үгэстэрэ олхтоммута. Агитзоналарынан үлэлээьин 1987 сылга диэри ыытыллыбыта.
1988 сыл олунньу 1күнүттэн анал үөрэ5и саңа бүтэрбит эдэр үлэьит Петрова Анна Дмитриевна уус- уран салайааччыннан ананан кэлбитэ. Кэлин ыал буолан Каратаева буолбута. Үлэлии кэлбит сылыгар оскуола о5олоругар тойук, улахан дьоңңо хомус ансамбылларын тэрийбитэ. Онтон 1989 сылтан кулууб үлэтигэр баянис диэн саңа штат көрүллэн баяниьынан Каратаев Владимир Петрович анаммыта.1995 сылтан баяныһынан саңа үөрэ5и бүтэрбит эдэр үлэьит Егоров Геннадий Николаевич анаммыта. 2000 сылтан баянист дуоһунаһыттан музыкальнай руководитель дуо8унаһыгар көһөрүллэр.
80-с сыллартан са5алаан кулуубка сылын аайы ыытыллар конкурстары тэрийии үгэскэ кубулуйбута.Ол курдук «Сайыына-куо», «Сааскы чөмчүүктэр», «Кэрэчээнэ-куо», «Ийэлэр уонна кинилэри утумнааччы кыргыттар», «Күндү кийиит», «Чэйин эрэ дьүөгэлэр», Саха танаьын көрүү уо.д.а.. Каратаева А.Д. уус-уран салайааччынан үлэлиир сылларыгар1994 сыллаахха «Кылыьах» фольклорнай бөлө5ү, 2002с. «Чаина», «Айылгы» вокальнай ансамбллары, «Дьүрүлгэн» хомусчуттар ансамблларын тэрийбитэ. «Айылгы» вокальнай ансамбль салайааччытынан Гоголева Зинаида Трофимовна анаммыта. Кини олохтон туоруор дылы ис дууьатыттан кыьаллан туран салайааччынан сылдьыбыта. Кэлин ансамбль салайааччытынан кини балта Ильинова Аина Трофимовна анаммыта. Аина Трофимовна 2006 сыллаахха «Уруйдаана» диэн үһүс вокальнай ансамблы тэрийбитэ. «Чаина» вокальнай ансамблы, «Дьүрүлгэн» хомусчуттар ансамбылларын, «Кылыьах» фольклорнай ансамбллары Каратаева Анна Дмитрьевна салайан күн бүгүнүгэр дылы илдьэ сылдьар. Ансамбыллар улууснай, республиканскай конкурстарга кыттан лауреат, дипломант аатын хас да төгүл ылбыттара. Нэьилиэккэ ыытыллар мероприятиялар кинилэрэ суох ыытыллыбаттарын тэңэ. Оскуола о5олоругар Прокопьева Наталья Трофимовна салайааччылаах «Утум» олонхоьуттар бөлөхтөрө үрдүк ситиьиилээхтик үлэлиир. Кинилэр сылын аайы ыытыллар Республиканскай олонхоьуттар конкурстарыгар кыттан мэлдьи лауреат, дипломант аатын ылаллар. Маны таьынан о5олорго «Арылхан» үңкүүһүттэр ансамбыллара салайааччы Никитин Герман Степанович, «Нарыйаана» вокальнай бөлөх салайааччы Ильинова Аина Трофимовна, «Сулусчаана» хомусчуттар ансамбыллара салайааччы Федорова Прасковья Степановна ситиьиилээхтик үлэлии сылдьаллар.
Иванов Данил Семенович кулууб директорынан 42 сыл эңкилэ суох үлэлээн баран 2000 сыллаахха охраннигынан көспүтэ уонна күн сириттэн барыар дылы утуо суобастаахтык улэлээбитэ. Бу сылтан кулууб дьиэтэ саңа зал перестройданан үлэ5э киирбитэ уонна «Түһүлгэ» культурно-спортивнай комплекс диэн уларытыллан ааттаммыта. КСК директорынан Ильинова Аина Трофимовна анаммыта. Олох сайдыытын кытта тэңңэ хардыылаан культурнай киин үлэтэ эмиэ сылын аайы сайдан, тупсан иьэр.Ол курдук төлөбүрдээх өңөнү оңоруу, компьютернай дискотеканы ыытыы, проектор көмөтүнэн видеомероприятиялары ыытыы курдук саңа үлэ көрүңнэрэ киирбиттэрэ.
2006 сылтан уон а5ыс сыл устата уус-уран салайааччыннан үлэлээбит Каратаева Анна Дмитриевна директорынан анаммыта. Уус-уран салайааччыннан анал үөрэхтээх эдэр, талааннаах үлэьит Федоров Семен Семенович анаммыта. «Түһүлгэ» сынньалан киинэ нэьилиэккэ түөлбэлэринэн үлэ көрүңүн элбэтии, нэьилиэк тэрилтэлэрэ культура эйгэтигэр активностарын үрдэтии, төлөбүрдээх өңөлөр көрүңнэрин элбэтии, улууска ыытыллар мероприятияларга активнайдык кыттыы, эдэр талааннары сайыннарыы сыаллаах-соруктаах үлэлии хамсыы сылдьар. 2008 сылтан уус-уран салайааччыннан Егорова Лилия Николаевна ананан үлэлиир.2011 сылтан муниципальнай бюджетнай тэрилтэ буолар уонна бу сылтан уус уран салайааччыннан Спиридонова Алена Павловна анан үлэлиир.2012 сыллаахха Семен Федоров төннөн кэлэн уус уран салайааччыннан ананар уонна бүгүҥҥэ дылы үлэлии сылдьар. 2015 сыллаахха Геннадий Егоров атын сиргэ көһөрүнэн сибээстээн уурайар, бу сыл алтынньы ыйыттан музыкальнай салайааччынан анал үөрэхтээх эдэр специалист Гоголева Виктория Николаевна ананар.2017 сыллаахха аныгылыы тутуулаах 100 миэстэлээх саҥа кулууп дьиэтэ үлэҕэ киирбитэ. Культура киинигэр араас сылларга тех. үлэьиттэринэн үлэлээбиттэрэ: Гоголева В.Н.,Прокопьева Н.Т., Егорова Л.Н., Семенова З.Н.,Чемпорова М.Н., Каратаев М.С., Каратаева С.П.. Васильев Н.А., Яковлева М.С.
Культура үлэтигэр активнай кыттааччыларынан ааттаталыахха сөп:
1956 сылтан са5алаан билиңңэ дылы ыллыы-туойа сылдьар сцена ветерана Иванов Николай Тимофеевич, оьуохайдьыт, алгысчыт Колтовской Илья Игнатьевич күн сириттэн барыар дылы сценаттан төспэтэҕэ, ырыаьыттар, сцена ветераннара Семенова Елизавета Афанасьевна, Федорова Антонина Васильевна, Больницкая Валентина Алексеевна, Кондратьева Ирина Николаевна, Николаева Анна Иннокентьевна, Колтовская Светлана Николаевна, Колтовская Валентина Романовна, Степанова Мария Васильевна, Семенова Зоя Николаевна уо.д.а
Орто көлүөнэ дьонтон культура үлэтигэр күүс тирэх буолар активнай кыттааччыларынан ааттаталыахха сөп: ырыаьыт Федорова Вера Филипповна, хомусчут, ырыаьыт Васильева Светлана Афанасьевна, көр-күлүү жанрын ситиьиилээхтик толороччулар Унарова Татьяна Егоровна, Быкалырова Надежда Николаевна, Каратаева Изабелла Геннадиевна, Прокопьева Наталья Трофимовна, Мальцева Матрена Андреевна, Константинов Николай Николаевич, Каратаева Октябрина Петровна, Шелихова Айталина Гаврильевна уо.д.а., ырыаьыттар Алексеева Маргарита Афанасьевна, Тимофеева Мария Иннокентьевна, Ильинова Аина Трофимовна, Софронова Наталья Николаевна, Прокопьева Наталья Трофимовна, уо.д.а.
Эдэр кэскиллээх ыччаттарбытыттан бэйэлэрин талааннарынан дьоннорун –сэргэлэрин үөрдэр, инникигэ эрэннэрэр дьоннорунан буолаллар: Алгысчыт, тойуксут, ырыаьыт бары өттүнэн дэгиттэр талааннаах Федоров Семен Семенович, хомусчут, кылыьахтаах ырыаьыт Федорова Прасковья Степановна, ырыаьыттар Каратаев Афанасий Афанасьевич, Абрамова Надежда Федоровна, Абдуллаева Зебо Мамировна уо.д.а. Норуот уус уран оҥоһуктарынан утумнааахтык дьарыктаналлар Кондратьева Ирина Николаевна, Каратаева Лидия Павловна, Тимофеева Мария, Варвара Григориевналар, Каратаева Саргылана Афанасиевна, Каратаева Октябрина Петровна, Каратаева Саргылана Петровна, Каратаева Ирина Степановна.
Нэһилиэккэ үрдүк таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар түмсүүлэрбитинэн киэн туттабыт, ол курдук: «Айылгы» кырдьаҕастар түмсүүлэрэ салайааччы Кондратьева Ирина Николаевна, «Чаина» салайааччы Каратаева Анна Дмитриевна, «Уруйдаана» салайааччы Гоголева Аина Трофимовна вокальнай ансамбыллар, «Дуоран» эр дьон ансамбыла салайааччы Федоров Семен Семенович, «Чэмэли» эдэр ийэлэр түмсүүлэрэ салайааччы Каратаева Саргылана Петровна, «Утум» олонхоһуттар түмсүүлэрэ салайааччы Прокопьева Наталия Трофимовна, «Дьүрүлгэн» хомусчуттар бөлөхтөрө салайааччы Каратаева Анна Дмитриевна, «Бэтиэхэлэр» мини театр салайааччы Каратаева Октябрина Петровна, «Күндэлэй» хомусчуттар бөлөхтөрө оҕолор, салайааччы Федорова Прасковия Степановна, «Кылыһах» фольклорнай түмсүү салайааччы Федоров Семен Семенович, «Сайдам» түөлбэ салайааччы Шелихова Айталина Гаврильевна, «Сарыал» түөлбэ салайааччы Алексеева Маргарита Афанасьевна, « Кэскил түөлбэ салайааччы Тимофеева Мария Иннокентьевна, «Күндэ» түөлбэ салайааччы Готовцева Саргыяна Афанасиевна.
Ырыаны-тойугу, олоҥхону өрө туппут нэһилиэк салгыы айар- тутар, кэрэни кэрэхсиир, кэлэр көлүөнэҕэ духуобунай баайын-дуолун хаалларар аналлаах.
Саха Республикатын культуратын туйгуна
«Түһүлгэ» КСК директора: Каратаева А.Д.
Режим работы: ПН-ПТ – с 10.00 до 19.00;
обед: с 13-00 до 14-00; СБ, ВС – выходной.