Бороҕон нэһилиэгин Герой ийэтэ Николаева Мария Николаевна төрөөбүтэ 85 сылын көрсө, кини аатын үйэтитэр сыаллаах элбэх оҕолоох ийэлэргэ ыытыллыбыт «Алаһа дьиэ араҥаччыта — Ийэ» аһаҕас күрэс чэрчитинэн «Ис — уус» алыба быыстапка тэрилиннэ.
Саалаҕа киирии көрүдүөрүгэр киһи болҕомтотун тардар Мария Николаевна бэйэтин сылаас илиитинэн тутан- хабан тикпит таҥастара, оҥоһуктара, иистэнэригэр туттубут тэриллэрэ, ону таьынан оҕолорун, ыччаттарын быыстапката туруорулунна. Быыстапканы көрбут эрэ киьи барыта Мария Николаевна уонна кини ыччаттара хайдах курдук тарбахтарыгар дьо5урдаахтарын сө5ө — махтайа көрдүлэр. Манна тигии арааьыттан са5алаан, тимиртэн, мастан оноьугар, уруьуйугар тиийэ дьикти кэрэ оноьуктар туруоруллубуттар.
Дьикти кэрэ киэьэни бэлэхтээбит Мария Николаевна оло5ун сал5ааччы ыччаттарыгар, махталбытын тиэрдэбит. Куруук маннык ийэ5ит аатын ааттата сылдьын, кини айан — тутан хаалларбыта көлүөнэттэн — көлүөнэ5э бэриллэн истин.