«Дорообо сандал саас»

«Дорообо сандал саас»

🔶🔹🔶🔹🔶🔹🔶🔹

Муус устар 1 күнүгэр, Бороҕоммут нэһилиэгэр «Дорообо сандал саас» тэрээьин  ыытылынна.  Тэрээһин арыллыытыгар Ил Түмэн депутата Захарова Нюргуяна Федоровна, Бүлүү улууһун тыатын хаһаайыстыбатын департаменын салайааччыта Иннокентьев Павел Павлович кытыннылар, эҕэрдэлэрин тиэртилэр. «Бүлүү улууһун тыатын хаһаайыстыбатын сайдыытыгар кылаатын иһин» бочуоттаах бэлиэннэн нэһилиэкпитигэр тыа хаһаайыстыбата сайдыытыгар кэскиллээхтик үлэлии сылдьар бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Фомин Владимир Михайлович наҕараадаланна. Тэрээьин сʏрʏн кʏрэҕинэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ сылыгар, механизированнай звеноларга өрөспүүбүлүкэ чемпион отчута Каратаев Афанасий Иванович – Чөмпүйүөн төрөөбүтэ 70 сылыгар аналлаах МТЗ-82 трактористар күрэхтэрэ буолла. Ону таһынан «Мааны хаатыҥка». «Симэммит ачыкы», «Дьэрэкээн былаат», «Чаанньык бырааҕыы» кʏрэхтэр тэрилиннилэр.

​Трактористар  күрэхтэригэр барыта 10 трактор (Тылгыны -1, ООО “Ампаархаах”​ (Сыдыбыл) – 1, Тааһаҕар – 1, Тыымпы – 4, Бороҕон – 3) кытыннылар.

Күрэхтэһии барыта 5 көрүҥүнэн ыытылынна, кыайыылаахтар мэдээлинэн, грамотаннан наҕараадаланнылар. Сʏрдээх тыҥааһыннаах киирсии тʏмʏгʏнэн тʏһʏмэхтэринэн маннык миэстэлэннилэр:

Бастакы көрүҥ – “Тракторгын төһө билэҕин?” ​ ыйытыктарга хоруйдааһын

1 миэстэ – Каратаев Игнатий Афанасьевич (Бороҕон)

2 миэстэ – Фомин Владимир Михайлович (Бороҕон)

3 миэстэ – Егоров Федор Гаврильевич (Бороҕон)

Иккис көрүҥ – «Стоговоһунан оту анньыы, сыал ытыы»

1 миэстэ – Фомин Владимир Михайлович (Бороҕон)

2 миэстэ – Сергин Александр Прокопьевич (Тыымпы)

3 миэстэ – Егоров Иван Андреевич (Ампаардаах)

Үһүс көрүҥ – «Змейка, мас хайытыы»

1 миэстэ – Каратаев Игнатий Афанасьевич (Бороҕон)

2 миэстэ — Егоров Иван Андреевич (Ампаардаах)

3 миэстэ – Иванов Николай Николаевич (Тылгыны)

Төрдүс көрүҥ – «Сыарҕа холбонуу»

1 миэстэ — Сергин Александр Прокопьевич (Тыымпы)

2 миэстэ – Сельтюков Юлиан Ильич (Тааһаҕар)

3 миэстэ — Егоров Иван Андреевич (Ампаардаах)

Бэһис көрүҥ – «Сыыдам айан»

1 миэстэ — Иванов Николай Николаевич (Тылгыны)

2 миэстэ — Сельтюков Юлиан Ильич (Тааһаҕар)

3 миэстэ — Сергин Александр Прокопьевич (Тыымпы)

Уопсай түмүгүнэн:​ ​ ​ ​

Күрэх муҥутуур​ кыайыылааҕынан Сергин Александр Прокопьевич (Тыымпы) буолла уонна Чемпион лентатынан, Каратаев Афанасий Иванович – Чөмпүйүөн кыра уола Афанасий Афанасьевич туруорбут “Булчут” маҕаһыынтан 40​ 000 солк. сертификатынан, Каратаев Афанасий Иванович – Чөмпүйүөн балта Петрова Елена Афанасьевна туруорбут саха быһаҕынан, Бороҕон орто оскуолатын интернатын коллектива туруорбут 10​ 000 солк. “Булчут” маҕаһыынтан сертификатынан, ИП Каратаев Николай Николаевич туруорбут бензопилатынан бэлиэтэннэ.

2 миэстэ – Фомин Владимир Михайлович (Бороҕон) буолла уонна Николаев Владислав Иванович туруорбут саха быһаҕынан, Каратаев Афанасий Иванович – Чөмпүйүөн чугас аймахтара (Егорова Федосия Сергеевна, Фомина Мария Михайловна, Егорова Анна Иннокентьевна, Федоров Семен Иванович, Федоров Николай Николаевич, Каратаева Тамара Михайловна, Каратаев Борис Михайлович дьиэ кэргэттэрэ) туруорбут 12​ 000 солк. харчынан бирииһинэн, СХППК “Сыа Бүлүү” (салайааччы Кондратьев Алексей Алексеевич) туруорбут балыксыт балааккатынан, Каратаев Афанасий Васильевич туруорбут күлүүс наборунан бэлиэтэннэ.

3 миэстэ – Сельтюков Юлиан Ильич (Тааһаҕар) уонна Каратаев Игнатий Афанасьевич бэйэтэ оҥорбут мангалынан, Каратаев Афанасий Петрович оҕолоро туруорбут сварочнай аппаратынан, Каратаев Афанасий Иванович – Чөмпүйүөн улахан кыыһа Мохначевская Ефросиния Афанасьевна туруорбут күлүүс наборунан бэлиэтэннэ.

4 миэстэ – Каратаев Игнатий Афанасьевич (Бороҕон) уонна Елена, Егор Васильевтар (Тылгыны) туруорбут “Makita” инструмент наборунан, КФХ Фомин Владимир Михайлович туруорбут ньирэйинэн, Каратаев Афанасий Иванович – Чөмпүйүөн кыра кыыһа Бусель Татьяна Афанасьевна дьиэ кэргэнэ туруорбут выпремителинэн бэлиэтэннэ.

5 миэстэ — Егоров Иван Андреевич (ООО «Ампаардаах») буолла уонна Каратаев Афанасий Афанасьевич бииргэ үөрэммит оҕолоро туруорбут комплект хаас мончуугунан, Каратаев Афанасий Иванович – Чөмпүйүөн орто уола Каратаев Дмитрий Афанасьевич дьиэ кэргэнэ туруорбут инструмент наборунан бэлиэтэннэ.

6 миэстэ – Иванов Николай Николаевич (Тылгыны) буолла уонна Иванов Иннокентий Николаевич дьиэ кэргэнэ туруорбут болгарка инструменынан, Каратаев Афанасий Иванович – Чөмпүйүөн табаарыстара туруорбут “Ресанта” пластик турба өтүүгүнэн, Саввинов Дмитрий Афанасьевич туруорбут саамай ыраахтан кэлэн кыттыбыт кыттааччыга диэн анал бирииһинэн 200 л. дизтопливанан бэлиэтэннэ.

7 миэстэ – Васильев Климентий Дмитриевич (Тыымпы) буолла уонна Еремеев Станислав Валерьевич туруорбут мотуору сылытарынан, Каратаев Афанасий Афанасьевич табаарыстара туруорбут “Makita” гайковерт набуорунан бэлиэтэннэ.

8 миэстэ – Спиридонов Максим Павлович (Тыымпы) буолла уонна Каратаев Афанасий Иванович – Чөмпүйүөн улахан уола Каратаев Николай Афанасьевич дьиэ кэргэнэ туруорбут “Makita” гайковерт набуорунан, Бүлүү улууһун тыа хаһаайыстыбатын департамена (салайааччы Иннокентьев Павел Павлович) туруорбут электросвороданнан бэлиэтэннэ.

9 миэстэ — Жучкин Павел Павлович (Тыымпы) уонна ИП Алексеев Константин Константинович туруорбут “Makita” гайковерт набуорунан, Колтовской Илья Геннадиевич туруорбут спальнай мешогунан бэлиэтэннэ.

10 миэстэ – Егоров Федор Гаврильевич (Бороҕон) буолла уонна ПК “Тыымпы” туруорбут ньирэйинэн, Каратаев Афанасий Иванович – Чөмпүйүөн кыра уола Афанасий Афанасьевич туруорбут “Makita” шуруповердунан бэлиэтэннэ.

Маны таһынан хас биирдии кыттааччыга анал сувенирдар туттарылыннылар.

Ил Түмэн депутата Захарова Нюргуяна Федоровна Каратаев Афанасий Иванович – Чөмпүйүөн бииргэ үлэлэспит дьонугар Каратаев Игнатий Афанасьевичка, Фомин Владимир Михайловичка анал харчынан бириистэри туттарда.

Мустубут дьону итии аһылыгынан кʏндʏлээтилэр Афанасий Каратаев — – Чөмпүйүөн оҕолоро, аймахтара, олохтоох Ип Фомина Диана Владимировна, Каратаев Мичил Михайлович.

Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыт дьоммутугар барыларыгар махталбытын тиэрдэбит.

Добавить комментарий