Норуот холобура суох хорсун быһыыта, эйэ, көҥүл иһин охсуһууга килбиэннээх Кыайыыта, олорон ааспыт ураты олоҕо история хаһан да өлбөөдүйбэт чаҕылхай туоьута буоланнар биһиги өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр мэлдьи тыыннаахтар.
Бүгүн Улуу Кыайыы күнүн көрсө вездеход-каракат көлөлөрүнэн, Кыайыы иһин олохторун толук ууран охсуспут бэтэрээннэрбитигэр, тыылга чэрдээх илиилэринэн Кыайыыны уһансыбыт тыыл бэтэрээннэригэр, оонньооботох оҕо саастаах сэрии оҕолоругар, дьиэлэригэр сылдьан э5эрдэлээтибит.
Күндү дьоммутугар анаан э5эрдэ тылы эттэ нэьилиэк баьылыгын солбуйааччы Айталина Афанасьевна Колтовская, «Ветераннар» диэн ырыаннан э5эрдэтин тиэртэ Эллэй Федоров уонна хоьоонунан э5эрдэлэрин тиэртилэр Вася Абрамов, Володя Фомин. Ил Түмэн депутата Гоголев Александр Васильевич, улуус дьаһалтатын, олохтоох дьаһалта аатыттан эҕэрдэ суруктары, продуктовай набордары, бэлэхтэри туттарда Айталина Афанасьевна. Үгэс курдук сыллата ыытыллар э5эрдэбитин ытык дьоммут олус долгуйан, үөрэн — көтөн көрүстүлэр. Бүлүү куоратыгар олорор кырдьаҕастарбытыгар эмиэ Бороҕон аатыттан эҕэрдэбитин, бэлэхтэрбитин тиэрдэн көмөлөстүлэр Бүлүү улууһунааҕы Росгвардия салаатын салайааччыта Константинов Афанасий Николаевич уонна кини үлэһиттэрэ.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кыттыспыт, көмөлөспүт бары дьоммутугар вездеход-каракат көлөлөөх дьоммутугар Скрябин Петр Афанасьевичка, Каратаев Игнатий Афанасьевичка, Колтовской Маркел Анатольевичка, Каратаев Семен Петровичка, Колтовской Илья Геннадиевичка, Бүлүү улууһунааҕы Росгвардия салаатын салайааччытыгар Константинов Афанасий Николаевичка уонна кини үлэһиттэригэр бар5а махталбытын тиэрдэбит.
Ытыктабыллаах бэтэрээннэрбит!
Этэҥҥэ чэгиэн, доруобай сылдьыҥ, сүбэ-ама буола туруҥ, махтанабыт, сүгүрүйэбит. Сэрии толоонугар уонна тыылга Кыайыыны аҕалбыт биир дойдулаахтарбыт хорсун быһыылара уонна дьоһуннаах үтүөлэрэ үгүс көлүөнэлэр өйдөрүгэр-санааларыгар дириҥник иҥэн, эр санааланыы уонна Ийэ дойдуга итии таптал, төрөөбүт-үөскээбит сирбитин көмүскээһин чаҕылхай холобурунан буола туруоҕа!
Кэлэн иһэр Улуу Кыайыы күнүнэн!