Ырыа куттаах «Айылгы» ансаамбыл 20 сыла

Ырыа куттаах «Айылгы» ансаамбыл 20 сыла

Кэрэни кэрэһэлээн, ʏтʏɵнʏ ʏксэтэн, эймэһитэ дьиэрэтэн, ыллыы – туойа сылдьар, ырыа куттаах «Айылгы» ансаамбыл ырыа алыбтаах дорҕоонун бар дьонноругар бэлэхтээбиттэрэ оруобуна 20 сылын томточчу туолбутун сэтинньи 23 кʏнʏгэр «Тʏһʏлгэ» киинигэр ʏɵрʏʏлээх быһыыга-майгыга бэлиэтээтибит

Yбʏлʏɵйдээх ʏтʏɵ — мааны кʏннэринэн ис сʏрэхтэн тахсар сахалыы сайа5ас тылынан уруй улуутун, айхал ааттаа5ын, э5эрдэ эгэлгэтин тиэртибит. Нэьилиэк баһылыга Андрей Иннокентьевич Иванов, ветеран сэбиэтин председателя Март Михайлович Спиридонов, КСК директора Анна Дмитриевна Каратаева эҕэрдэлээн туран улуус баьылыгын Сергей Николаевич Винокуров, улуустааҕы культура управлениятын салайааччыта Алена Александровна Дашевская, улуустаа5ы ветераннар сэбиэттэрин председателя Герасим Алексеевич Солтуев, олохтоох дьаһалта уонна «Туьулгэ» культурнай киин ʏрдʏк наҕараадаларын туттартаатылар. Ыҥырыылаах ыалдьыттар истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр, иһирэх ырыаларын анаатылар. «Айылгылар» бар дьонноругар, 20 сыл устата ыллаан туойан кэлбит репетуардарыттан ансаамбылынан, биирдиилээн ыллаан ырыа дьоро киэһэтин бэлэхтээтилэр. Ааспыты ахтыьан, бириистээх оонньуулары оонньоон, былыргы ʏҥкʏʏлэри баянынан ʏҥкʏʏлээн астына дуоһуйа сынньаннылар. Саамай хайҕаллааҕа ансаамбыл саҥа тэриллиитигэр баяҥҥа доҕуһуоллаан сылдьыбыт баянистара Геннадий Егоров уонна биир бастыҥ ырыаһыттара Мария Васильева Бʏлʏʏ куоратыттан ыҥырыллан кэлэн ыалдьыттаабыттара буолар. Кинилэр коллективка сылдьыбыттарын билиҥҥэ дылы саныылларын, ахталларын, билигин Бʏлʏʏ народнай хоругар иккиэн тутуспутунан сылдьалларын туһунан кэпсээтилэр. Дэ ити курдук сэргэх тэрээһин буолан ааста.

Ырыа – тойук аргыстаах Далбар хотуттар!

Аймах-билэ дьонноргут, үгүс ʏтʏɵ атастаргыт-доҕотторгут махталларынан арыаллатан, бар дьонуҥҥут истиҥ сыһыаннарынан кынаттанан үтүөнү-кэрэни айа, ыллыы — туойа сылдьыҥ, толкуйдаабыккыт тобулла, санаабыккыт саргылыы сырыттын,- диэн алгыс бастыҥын аныыбыт!
Ыарыы ыалласпатын, дьаҥ-дьаһах халты хаамтын, үтүө ыраҕыт туолан, санаабыккыт ситэн истин, диэн айхаллыыбыт, дьоллоохтук сүһүөххʏт үрдүгэр сылдьан, ыллыы-туойа, бар дьоҥҥутун үөрдэ сылдьыҥ диэн уруйдуубут.
    Тɵрɵɵбʏт нэһилиэкпит культурата сайдарыгар киллэрсибит кылааккытын, бары ʏтʏɵҕʏтʏн мэлдьи ɵйдʏʏбʏт, эһиэхэ сʏгʏрʏйэн махтанабыт, эһигиннэн киэн туттабыт.Өссɵ да уһун сылларга кэрэ куоласкыт кэхтибэккэ ырыа алыбтаах дорҕоонунан иһирэх истээччилэргитин сылаанньыта сылдьыҥ, ситиһиилэргитинэн ʏɵрдэ туруҥ. Хас биирдиигит олоҕор кэрэ кэккэлэстин, ситиһии сиэттистин, дьол – саргы тосхойдун.

Дом!!!

Добавить комментарий