Ыам ыйын 17 күнүгэр «Түһүлгэ» сынньалаҥ киинигэр Н.И. Афанасьев аатынан Бороҕон орто оскуолатын оскуолаҕа киириэх иннинээҕи саастаах уһуйаан иитиллээччилэрин, үлэһиттэрин 2023-2024 үөрэх дьылын түмүктүүр отчуоттуур кэнсиэрэ буолан ааста. Кулууппут сыанатыгар алааска кэрэчээн сибэккилэр үүммүттэрин курдук оторой — моторой көрбүт кырачаан кынаттарбыт кыргыттарбыт араас өҥнөөх былаачыйа кэтэн, кырачаан саллааттарбыт уолан уолаттарбыт кырыылаах бүрүүкэ, маҥан ырбаахыланан ыллаан дьиэрэттилэр,ʏҥкʏʏлээн тэйдилэр. Биһиги оҕолорбутун ийэлии биэбэйдээн, көрөр — истэр иитээччилэрбит күлэ — үөрэ санаа хоту тахсан ыллаан- туойан, үҥкүүлээн, сыаҥкалаан бииртэн — биир үчүгэй нүөмэрдэри көрдөрөн, нэһилиэк олохтоохторугар олус сэргэх сынньалаҥ киэһэни бэлэхтээтилэр. Көрөөччүлэр астына — дуоһуйа көрөн, оҕо саастарын санаан да ылбыт түгэннэрэ харахтарыгар көстөн ааспыта саарбаҕа суох. Кэнсиэри ыытта оҕо уһуйаанын иитээччитэ Абрамова Надежда Федоровна. Бу курдук тэрээһиннэри ыыта, биһигинниин бииргэ буоларгытыгар кулуупкут сыанатыгар саҥа ырыалар, саҥа талааннар тахса, ыллана туралларыгар баҕарабыт. Оҕолорбутугар дьоллоох оҕо сааһы, үлэһиттэргэ үлэҕитигэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, туох баар бары үчүгэйи, кэрэни, ил-эйэ эҥэрдэстин, бука бары этэҥҥэ буолуҥ.
Отчуоттуур кэнсиэрт
- Автор записи:admin
- Запись опубликована:17.05.2024
- Рубрика записиБез рубрики
- Комментарии к записи:0 комментариев