Бүгүн Ньукуолун күнүн Боро5оммут нэьилиэгэр ʏɵрэн -кɵтɵн туран бэлиэтээтибит. Аҕам саастаах эйэҕэс эбэлэрбитин, элэккэй эһэлэрбитин балаҕан дьиэҕэ барыларын массыынанан аҕалан тэрээһиммитигэр ыалдьыттаттыбыт. Балаҕан хаһаайката Прокопьева Наталья Трофимовна урукку кэмҥэ Ньукуолун күнүн көрсүү сиэрин туһунан кэпсээтэ. «Чэмэли» ийэлэр түмсүүлэрэ Каратаева Саргылана Петровна салайааччылаах «Саламалаах үҥкүүнү» бэлэх ууннулар. Үҥкүүһүттэр сэлэлии турбуттарыгар Алгысчыт икки ардыларынан ааһан холумтаныгар тиийэн сүгүрүйэн Аан дойду иччилэриттэн көрдөһөн сиэри — туому тутуһан аал уот нөҥүө айыылартан көрдөһөн, айах тутта. Ыраастаныы туомунан балаҕаҥҥа киирэн көмүлүөк иннигэр оһох тыаһыгар дьиэ хаһаайката алаадьынан айах тутан алгыс тылынан сайылык маанылаах сандалы остуолугар олороллоругар көрдөстө. Нэһилиэкпит эр хоьуттара а5ам саастаах дьоммутун кус миининэн, сибиэьэй балыгынан кʏндʏлʏʏргэ анаан бултаабыт кустарыттан, балыктарыттан аҕалан биэрбиттэринэн, бала5аммыт иннигэр костерга буьаран остуол хотойорунан тартыбыт. Сандалы остуол маанылаах астарынан — куһунан, балыгынан көмөлөспүт дьоммутугар Павел Андреевка, Алексей Готовцевка, Владимир Фомиҥҥа, Мичил Трофимовка, Николай Васильевка, Елисей Белолюбскайга, Иван Яковлевка, Семен Федоровка барҕа махтал буолуохтун, куруук бу курдук түмсүүлээх- сомоҕолоһуулаах буоллахпытына барыта табыллара, сатанара саарбаҕа суох. Салгыы тылы олохтоох дьаһалта аҕа баһылыга Иванов Андрей Иннокентьевич Сайын кэлбитинэн эҕэрдэлээтэ, түгэнинэн туһанан Болницкая Валентина Алексеевнаҕа дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан дьон- норуот иннигэр «Бороҕон нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо» знагы туттарда. Онуоха туран Елисей Белолюбскай, Семен Федоров толорууларыгар «Бар дьоммутугар» ырыаны бэлэх ууннулар. Бу түгэҥҥэ Мария, Варвара Григорьевналар уруккуну- хойуккуну санаан — ахтан эдэр көлүөнэ дьоҥҥо кэпсээтилэр, ону тэҥэ Бороҕон аҕам саастаах кийииттэригэр бэйэлэрин илиилэрин сылааһынан оҥорбут илин кэбиһэрдэри, харысхал бэлиэлэри бэлэхтээтилэр. Утуу- субуу эҕэрдэлэр этиллэн самаан сайыммыт кэлбит бэлиэтин астына — дуоһуйа, ирэ-хоро кэпсэттилэр. Ийэлэр «Чэмэли» бөлөҕө үҥкүүлээн сэгэлдьийдилэр дьон бырааһынньыктааҕы настырыанньатын өссө көтөхтүлэр. Биир үөрүүлээх быһыыга — майгыга Мария Гаврильевна, Кирилл Афанасьевич Васильевтар балаҕаҥа анаан харыстыы, араҥаччылыы турдун диэн оҥотторбут балай эмэ улахан сэргэлэрэ дьон дохсун ытыс тыаһыгар туттарылынна. Үтүө сайыны баҕаран оһуокайдаан тэйдибит, оонньоон-көрүлээн, үҥкүүлээн, үтүөкэн күнтэн куус-уох ылан, астынныбыт. Кэлбит дьон бука бары атах тэпсэн олорон кэпсэтэн-ипсэтэн, санааларын үллэстэн, модельнай библиотека салайааччыта Саргылана Петровна бэлэмнээбит оонньууларыгар оонньоон-көрүлээн, астынан — дуоһуйан тэрийээччилэргэ махтанан тарҕастылар. Бука барыгытыгар дьиэ кэргэҥитигэр дьолу -соргуну, доруобуйаны эрэ баҕара хаалабыт, этэҥҥэ буолуҥ! Өссө төгүл Самаан сайын салаллан кэлбитинэн эҕэрдэ буоллун!
Сайыны кɵрсɵбʏт.
- Автор записи:admin
- Запись опубликована:22.05.2024
- Рубрика записиБез рубрики
- Комментарии к записи:0 комментариев