«Сайыына — Куо» күрэх

Бороҕон нэҺилиэгэр ыытыллар үрүҥ тунах ыҺыахха  «Сайыына -Куо» кэрэ куолар күөн-күрэстэрин балаһыанньата

Буолар сирэ:Бороҕон нэҺилиэгэ, «Туьулгэ» КСК

Буолар күнэ-дьыла: 2024 с.бэс ыйын 21  күнэ

Тэрийээччилэр:

 “Бороҕон нэҺилиэгэ” муниципальнай тэриллии, “Бороҕоннооҕу “ТүҺүлгэ” культурнай-спортивнай комплекс”.

Күөн-күрэс сыала-соруга:

  • Ырыаҕа ылламмыт, хоhооҥҥо хоhуйуллубут саха нарын кыргыттарын кэрэ дьүһүннэрин сахалыы сиэри-майгыны кытта дьүөрэлэhиннэрэн арыйан көрдөрүү, айылҕаттан айдарыллыбыт дьоҕурдарын сайыннарыыга көҕүлээhин.
  • Чэгиэн чэбдик чѳл олох, үтүѳ-сырдык, билии-кѳрүү хас биирдии саха кыыһа ыра санаата буоларын бигэргэтии.

              Күөн-күрэс түһүмэхтэрэ:

  1.  Уус-уран тылынан бэйэни билиһиннэрии: сахалыы таӊастаах буолар.
  2.  Иллэн кэмигэр дьарыга: (илиинэн оӊоһуктар, баайыы, уруһуй, пазл уо.д.а)
  3.  Айылҕаттан бэриллибит талба талааным

Ирдэбилэ: кыттааччы талаана(ырыа,үҥкүү, фольклор уо.д.а.)  

4.  Соһуччу сорудах

5. Авангард муода

Ирдэбилэ: туттуллубат, кэтиллибэт таҥастан тигиллибит, оноьуллубут танас.

6. Наряднай таӊас

Тэрээһин ирдэбиллэрэ:

  • Күрэххэ кыттааччы 9-10 саастаах алын сүһүѳх кыргыттара
  • Кыттыы иһин усунуос  200 солк.;

   Сайаапка бэс ыйын 20 күнүгэр дылы ылыллар.

Наҕараадалааhын:

  • «Сайыына — Куо» — сүрүн бириис;
  • анал ааттар иҥэриллэллэр:
  • Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан кыайыылаахтарга сыаналаах бириистэр, дипломнар, туоһу суруктар, лиэнтэлэр туттарыллыахтара.

Добавить комментарий