Yрүӊ тунах ыһыахха «Сайдыы түмсүү бастыӊ түѳлбэтэ» түѳлбэлэри кѳрүү-күрэх балаһыанньата
Ыытыллар бириэмэтэ: Бэс ыйын 21 күнэ 2024с.
Ыытыллар миэстэтэ: Ыһыахтыыр түһүлгэ
Түѳлбэлэр күрэхтэрин сыаналанар түһүмэхтэрэ:
- Түѳлбэлэр аналлаах түһүлгэлэрин киэргэтии (ирдэнэр түһүлгэ тиэмэтин арыйыы, саха оӊоһуктарын туһаныы, сана эбии тутуута)
- «Сандалы остуолум» түѳлбэлэринэн ас-үѳл кѳрүүтэ. (аһын арааһа сыаналанар, сахалыы аска эбии балл ааҕыллар)
- Түѳлбэлэр парадтара (сыаналанар түһүлгэҕэ сахалыы таӊастаах сылдьыы, кыттыбыт киһитин ахсаанынан кѳрүү,сахалыы оӊоһуктары туттуу, ситиһиитин кѳрдѳрѳр транспораннара, симэхтээх аты киллэрии)
- Түѳлбэннэн «Уран тарбахтаахтар, ураты дьоҕурдаахтар» быыстапка кѳрүү күрэҕэ (Сиэлтэн-кылтан, туостан, кыбытык тигии, оҕуруоннан үлэ, ат симэҕэ, сыахай, мастан, туойтан уо.д.а. кѳрүӊнэр).
- Оһуокай түһүлгэтэ тѳрүттэнэригэр түѳлбэлэр маассабай киириилэрэ учуоттанар ( киьитин ахсаана).
Түһүмэҕи таһынан сыаналанар:
— маассабас;
— сонун идеяны киллэрии.
Күрэх биир эмит түһүмэҕэр кыттыбатахтарына штрафной баал ааҕыллар.
Күрэх түмүгунэн Түѳлбэлэргэ 1.2.3.4. миэстэлэр олохтоноллор дипломунан на5араадаланаллар, сыл тʏмʏгэр «Сайдыы түмсүү бастыӊ түѳлбэтэ» сыллааҕы кѳрүү күрэххэ уопсай на5араада5а киирэр.
Кѳрүү – күрэххэ кѳхтѳѳхтүк кыттан ыһыахпытын киэргэтиэҕин, ѳбүгэбит үгэһин үйэтитиэҕиҥ.