Аҕам саастаахтар декадаларын түмүктүүр «Сааhырыы эмиэ кэрэлээх» тэрээhин алтынньы 11 күнүгэр буолан ааста. Тэрээhиҥҥэ сылдьар кыахтаах дьоммут бары да кэлэ сатаабыттара киhини үөрдэр. Нэhилиэкпит баhылыга Андрей Иннокентьевич уонна кырдьа5астар сэбиэттэрин салайааччыта Март Михайлович бэйэлэрин массыыналарынан таhаннар аҕам саастаахтарбыт махталлара муҥура суох. Буоларын курдук тэрээhин эҕэрдэ тыллары этииннэн, наҕараадалары туттарыннан саҕаланна. Ол курдук э5эрдэ тылын тиэртэ баhылык Андрей Иннокентьевич уонна быйылгы сылга үбүлүөйдээх дьоммутугар нэьилиэк дьаhалтатын аатыттан сэмэй бэлэхтэри, э5эрдэ сурутары туттартаата. Кырдьа5астар сэбиэттэрин салайааччыта Март Михайлович эмиэ э5эрдэтин этэн туран, нэhилиэкпит биир активист ветераныгар, «Айылгы» түмсүү чилиэнигэр, үлэ ветераныгар Мальцева Августина Васильевна5а Бүлүү улууhун «Бочуоттаах Бэтэрээнэ» үрдүк наҕараада знагын туттарда уонна аалай кыhыл лиэнтэни мустубут дьон дохсун ытыhын тыаhыгар доҕуhуоллатан кэтэртэ. Салгыы олохтоох орто оскуола коллективын аатыттан эҕэрдэтин тиэртэ Наталья Трофимовна Прокопьева уонна коллектив аатыттан ветеран үлэhиттэригэр сэмэй бэлэхтэри, э5эрдэ суруктары туттартаата. «Туьулгэ» киинин үлэhиттэрэ, ылба5ай ырыаларынан мустубут ыалдьыттарбытын эҕэрдэлээн, наҕараадалааммыт дьоммут үрүүлэрин өссө үксэттилэр. Итии чэйдээх, остуол хотойурунан астаах сандалы тула олорон ыллаан-туойан, араас көхтөөх оонньууларга кыттан, инники былааннары ырытыhан, ойон туран үҥкүүлээн олус сэргэх тэрээhин буолла. Бириистээх оонньууларга үөрэ-көтө кыттан сибиэhэй былыгар тиийэ бириис арааhын тутан үөрүүлэрэ муҥура суох. Буолан ааспыт тэрээhинтэн астынан-дуоhуйан, сэргэхсийэн тар5аспыттара саарбаҕа суох. Күндү дьоммутугар мэлдьи да кырдьары, ыалдьары билиммэххэ маннык көхтөөхтүк бар дьоҥҥут ортотугар сылдьыҥ диэн алгыспытын аныыбыт.