Сэтинньи 15 кʏнʏгэр Бʏлʏʏ улууһун Дьɵккɵн нэһилиэгэр улуустаа5ы «Эдэр ыччат – биир сомоҕо» ыччат фестиваля буолан ааста. Биһиги нэһилиэктэн 9 киһиттэн саастааптаах толору хамандаанданы, ыччат ʏлэһитэ Анатолий Васильев салайан илдьэ сырытта. Фестиваль 8 кɵрʏҥʏнэн ыытылынна: «веселые старты», канат тардыыта, эстафета ГТО, «Голоса Родины» ырыа5а кʏрэх, «Кʏн» ʏҥкʏʏ кʏрэҕэ, «Родной край» нэҺилиэги сырдатар видеоролик кʏрэҕэ, «Перстектива в познании» эдэр педагогтарга деловой оонньуу, «Стартуй к бизнесу» проект кɵмʏскээҺинэ. БиҺиги хамаандабыт кɵрʏҥ аайы барытыгар ситиьиилээхтик кытыннылар. Ол курдук кɵрʏҥнэринэн маннык миэстэлэннилэр:
- «Веселые старты» — 2 миэстэ
- Эстафета ГТО – 1 миэстэ
- канат тардыыта – 2 миэстэ
- «Голоса Родины» ырыа кʏрэ5э – 1 миэстэ
- «Кʏн» ʏҥкʏʏ кʏрэҕэ – 3 миэстэ
- «Родной край» нэҺилиэги сырдатар видеоролик кʏрэҕэ – 3 миэстэ
- «Перстектива в познании» эдэр педагогтарга деловой оонньуу – 2 миэстэ
- «Стартуй к бизнесу» проект кɵмʏскээҺинэ – 1 миэстэ
СитиҺиилээхтик кыттыбыт ыччаттарбытын эҕэрдэлиибит. Куруук да ситиҺиилэр сиэттиҺэ сырыттыннар, куруук маннык кɵхтɵɵх буолуҥ, нэҺилиэккит аатын ааттата сылдьыҥ диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.