«Сахам сиэдэрэй танаьа»

«Сахам сиэдэрэй танаьа»

Yрүӊ тунах ыһыахха “Сахам сиэдэрэй танаһа” күрэх балаһыанньата

Буолар күнэ: Бэс ыйын 21 күнэ 2024с.

Буолар сирэ: Ыһыахтыыр түһүлгэ.

Сыала-соруга:

  • Саха омуга таӊнар танаһын ураты кѳстүүтүн, быһыытын-таһаатын, ойуутун-дьэрэкээнин сайыннаран, харыстаан үйэлэри уӊуордаабытын тириэрдии
  • Сахалыы танаһы күннээ5и олоххо кэтэри сѳргүүтүү
  • Айар талаанаах иистэнньэӊнэри арыйыы, үлэлэрин дьон сыанабылыгар таһаары

Күѳн-күрэс ирдэбиллэрэ:

  • Сцена5а кэтиллэр, аныгылыы тупсарыллыбыт саха танаһа
  • Танас-сап толорута, ситэритэ
  •  тупса5ай кѳстүүтэ, уратыта
  • Араас ньыманнан тигиллибитэ

Кыттааччылар бѳлѳхтѳрѳ:

  • Оҕолор 1-7 дылы
  • О5олор 8 — 17 дылы
  • Улахан дьон сааһа хааччахтаммат

Тэрээһин ирдэбиллэрэ:

  • Биирдиилээн кыттааччы усунуоһа 300 солк;
  • Сайаапканы Бэс ыйын 20 күнүгэр диэри бэриллэр.

Биһирэбил кѳрүӊнэрэ:

  • Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан кыайыылаахтарга сыаналаах бириистэр, дипломнар, туоһу суруктар туттарыллыахтара.

Добавить комментарий