СҮГҮРҮЙЭБИТ! КИЭН ТУТТАБЫТ! МАХТАНАБЫТ!

Ыам ыйын 9 күнэ  хас биирдиибитигэр дириҥ өйдөбүллээх. Бу күн биһиги сэрии толоонугар кыргыспыт хорсун сэрииһиттэр, тыылга килбиэннээхтик үлэлээбит аҕа көлүөнэ дьоммут үтүө ааттарыгар сүгүрүйэбит. Кинилэр Ийэ дойдубутун эрдээхтик көмүскээбиттэрэ, Кыайыы өрөгөйүн аҕалбыттара. Улуу Кыайыы суолтата дьон өйүгэр-санаатыгар ытык өйдөбүл буолан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр. Билиҥҥи көлүөнэ дьон дьоллоох олохпут туһугар сырдык тыыннарын толук уурбут буойуттары, ол ыар кэми этинэн-хаанынан билбит, тыыл ыар олоҕун тулуйбут дьоммутун умнубакка ахтар-саныыр, ытыктыыр-чиэстиир, үтүө өйдөбүлүнэн ыччаттан ыччакка тиэрдэр эбээһинэстээхпит. Дьоллоох, эйэлээх олоҕу бэлэхтээбит ытык дьоммутугар, Кыайыы иһин охсуспут бэтэрээннэрбитигэр, тыылга чэрдээх илиилэринэн кыайыыны уһансыбыт  тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии кэмин оҕолоругар сүгүрүйэбит, үйэ саас тухары махтанабыт!

Добавить комментарий