САССР норуодунай уонна үтүөлээх артыыһа, П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата МАРИНА КОНСТАНТИНОВНА ПОПОВА — ЭДЬИИЙ МАРЫЫНА, төрөөбүтэ 95 сылын көрсө өрөспүүбүлүкэтээҕи «ҮС САХА ТАПТАЛА» биирдиилээн толорооччуларга аhаҕас ырыа күөн-күрэһэ икки түһүмэҔинэн буолан ааста.
Бастакы түһүмэх куйаар ситиминэн бэс ыйын 6 күнүгэр ыытыллыбыта. Иккис түһүмэх ( финал) бэс ыйын 15 күнүгэр Эдьиий Марыына төрөөбүт дойдутугар Мэҥэ — Хаҥалас улууһун, Бырама бөһүөлэгэр ыытылынна. Манна Республика бары улуустарыттан бастакы түһүмэх кыайыылаахтара ыҥырыллан ыллаан-туойан күөн көрүстүлэр.
![](https://borogonkck.ru/wp-content/uploads/2022/06/6a10a908-cd19-46cf-b26a-1e17646ff3f8.jpg)
![](https://borogonkck.ru/wp-content/uploads/2022/06/e7122f38-d0a6-4a55-b339-889950a32c97.jpg)
![](https://borogonkck.ru/wp-content/uploads/2022/06/анал-бириис.jpg)
![](https://borogonkck.ru/wp-content/uploads/2022/06/095fbe8b-d749-4723-8e28-60a13666c35c.jpg)
![](https://borogonkck.ru/wp-content/uploads/2022/06/d1a849b7-c981-4c60-865e-cd611c74ce9e.jpg)