«Уруйдан Сахам сирэ» үрүҥ тунах ыһыах Автор записи:admin Запись опубликована:02.07.2022 Рубрика записиБез рубрики Комментарии к записи:0 комментариев Сонуннар. Үөһээ Бүлүү ыһыаҕар биһиги дьоммут С.С. Федоров, Н.Т. Прокопьева, А.Д. Каратаева ситиһиилээхтик кыттан кэлбиттэрэ. Биир дойдулаахпыт П.Г. Тимофеев мас уустарын күрэҕэр бастаабыт. Бу ыһыах иннинэ аҕай С.С. Федоров улуу ырыаһыт Эдьиий Марыынаҕа аналлаах республикатааҕы конкурска кыттан бастакы миэстэни ылан кэлбитэ. Киһи сүргэтин көтөҕөр ситиһиилэр. Ыһыахпыт бэркэ ааста диэн үгүс олохтоохтор сыаналыыллар эбит. Күммүт-дьылбыт да оҥорон биэрдэ. Анаабыт курдук. Санаа хоту. Ыһыах түһүлгэтин киэргэтиитэ тупсаҕайын! Ис хоһооно сылтан сыл дириҥээн, лаппа сахатыйан иһэрэ киһини астыннарар. Ыытааччылар Анна Каратаева, Семен Федоров тыллара-өстөрө лоп-бааччы. Ыраас саха тыла. Куоластара дьүөрэлэһэрэ үчүгэйин. Кулууппут үлэһиттэрин ситиһиилээх үлэлэриттэн үөрэбит, астынабыт. Салгыы – ситиһиилэри! Стадиоммутугар бастакы элбэх киһилээх тэрээһин ыытылынна. Спортивнай куоталаһыыларга (түөлбэннэн) оҕо аймах, ыччаттара, орто саастаахтар уопсайа 80 — ча киһи кытынна. Бачча элбэх киһи урут кытта илигэ. Киһи үөрэрэ – кэлбит ыалдьыттарбыт ыалдьытымсыйа олорбокко бэйэлэрэ ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытыннылар. Олохтоохтор эмиэ сүүрэн-көтөн, тэрийсэн, кыттан, икки күннээх бырааһынньыкпыт ситиһиилээхтик барарыгар нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ тирэх буоллулар (дьиэ кэргэнинэн, оҕолордуур, сиэннэринээн). Бырааһынньыкпыт күрэхтэрэ бары түөлбэннэн тэрилиннэ. Хомустаах эбэҕэ түөлбэнэн культурнай тэрээһиннэр ыытылыннылар, түөлбэлэр бары көхтөөхтүк кытыннылар.«Сайдыы тумсуу бастын түөлбэтэ» көрүү — күрэх түмүгэ:1 миэстэ — «Кундэ» түөлбэ 2 миэстэ — «Кэскил» түөлбэ3 миэстэ — Сарыал түөлбэ4 миэстэ — Сайдам түөлбэ Стадиоҥҥа спортивнай күрэхтэргэ : Бастакы миэстэни — Сарыал түөлбэ (сал. Алексеева Маргарита Афанасьевна) Иккиһи – Сайдам түөлбэ (сал. Шелихова Айталина Гаврильевна) Үсүһү – Күндэ түөлбэ (сал. Готовцева Саргыяна Афанасьевна) Түөлбэ салайааччыларыгар, эһиги тирэх дьоҥҥутугар – активкытыгар махтал, баһыыба тылларын аныыбыт. Стадиону туппут, тэрийсибит бары дьоммутугар – махтал. Оҕо аймахха, ыччакка –улахан бэлэх. Харыстааҥ. Быйыл от үүнүүтэ үчүгэй. Этэҥҥэ сылдьан, дэлби оттооҥ. Үлэҕэ оҕолоргутун, уруу-аймах дьоҥҥутун кытынарыҥ. Олохтоох дьаһалта. Кырдьаҕастар советтара. Бэс ыйын 29 күнэ. Вам также может понравиться Участвуем во Всероссийском фестивале открытых конкурсов «Искусство России 2022» 27.05.2022 Победители Конкурса «Кэрэчээнэ-Куо». 07.04.2020 Улуустаа5ы саахымат, дуобат күрэхтэрэ 26.03.2022 Добавить комментарий Отменить ответCommentEnter your name or username Enter your email Enter your website URL (optional) Сохранить моё имя, email и адрес сайта в этом браузере для последующих моих комментариев.