«Сааһырыы эмиэ кэрэлээх» аҕам саастаахтар күннэрэ Автор записи:admin Запись опубликована:13.10.2022 Рубрика записиБез рубрики Комментарии к записи:0 комментариев Алтынньы 8 күнүгэр аҕам саастаахтарбытыгар аналлаах тэрээһин ыытылынна. Тэрээһин ветераннар сэбиэттэрин председателя Спиридонов Март Михайлович эҕэрдэтинэн саҕаланна. Эҕэрдэ нүөмэрдэр аҕам саастаах дьоммутугар ананнылар. Дьэ ол кэннэ итии чэйдээх остуол тула олорон ирэ — хоро кэпсэтэн, эҕэрдэлэһэн, араас күрэхтэр, оонньуулар ыытылыннылар. Ол курдук » Көмүс күһүн бэлэҕэ» оҕуруот аһыттан блюда астаан аҕалыыга Мальцева Августина Васильевна тыкваттан запеканка уонна миин астаан аҕалан кыайыылааҕынан буолла. Иккис миэстэ Тимофеева Маргарита Григорьевна «Холодец осенний»диэн блюдатынан, үһүс миэстэ Федорова Вера Филипповна «»Осенний салат» уонна тыкваттан барыанньа блюдатынан. «Саамай улахан оҕуруот аһа» күрэххэ Федорова Вера Филипповна улахан тыква уонна кабачок, иккис миэстэ Спиридонов Март Михайлович улахан свекла, үһүс миэстэ Семенова Елизавета Афанасьевна саамай улахан хортуоска. «Симэммит зонтик» күрэххэ бастакы миэстэ Кондратьева Ирина Николаевна, иккис Унарова Валентина Николаевна, үһүс Федорова Вера Филипповна буоллулар. Маны таһынан командаларынан ток шоу ыытылынна, араас көрдөөх оонньууну көҕүлүттэн туттулар. Тэрээһин сүрдээх сэргэхтик буолан ааста. Бары кыттыбыт дьоммутугар махталбытын тиэрдэбит. Тус олоххутугар дьолу — соргуну, ыалдьары кырдьары билиммэххэ куруук үөрэ — көтө сылдьыҥ диэн баҕа санаабытын этэбит Вам также может понравиться 12.01.2022 Открытие года 06.02.2023 Конкурс «Радуга дружбы» 02.11.2021 Добавить комментарий Отменить ответCommentEnter your name or username Enter your email Enter your website URL (optional) Сохранить моё имя, email и адрес сайта в этом браузере для последующих моих комментариев.