Олунньу 13 күнүгэр сурук – бичик күнүн бэлиэтиибит, бу дьаһал Саха Республикатын бастакы президена Михаил Ефимович Николаев ыйаа5ынан 1996 сылтан олохтоммута. Бастакыннан Сахабыт суругун бичигин төрүттээбит , лингвист- учуонай Семен Андреевич Новгородов олунньу 13 күнүгэр төрөөбүтэ. Быйыл бу сылга 131 сааһын туолла.
Саха норуотун суруктаабыт-бичиктээбит, үөрэхтээх оҥорбут Семен Андреевич Новгородов баара суоҕа 32 сааһыгар дылы олорбут. Кини кылгас олоҕор, төрөөбүт норуотугар сүҥкэн дьыаланы оҥорбутун умнубакка, кэриэстээн сылын аайы Сурук-Бичик күнүнэн бэлиэтэммитэ оруннаах да эбит диэн санааҕа киирэҕин.
Нэьилиэкпитигэр олунньу 13 күнүгэр «Айхал, сахам тылыгар!» төрөөбүт тыл, сурук — бичик күнүн үөрүүлээх тэрээһинэ ыытылынна. Тэрээьин арыллытыгар Бүѳтүр Тобуруокап – «Айхал Сахам тылыгар» хоһоонун Степа Быкалыров, Антон Колтовской, Афоня Катанов, Андрей Бубякин киьи эрэ сэргээн истиэ олоруох курдук, ис дууьаларыттан аахпыттара хай5аллаах. Онтон салгыы 3 кылаас о5олоро В. О. Каратаев «Модун Эр Со5отох» олоӊхотутан быһа тардыыны дьоьуннанан олорон толордулар. 2 кылаас коллектива Петр Решетников – Кѳһѳӊѳ Бүѳтүр «Күѳнэ Кѳ5ѳччѳр Аттаах Күүстээх – Уохтаах Күн Күндүлү Бухатыыр» олоӊхотутан быһа тардан олонхолоон доллоьуттулар. Ити курдук о5олор олонхолорун истэн олорон:
Сахам тыла сааскылыы
Сайа охсор салгыннаах,
Сайыннылыы угуттуур,
Иэйэр тыла эриэккэс,
Үрүччэлии ып – ыраас,
бай5ал курдук дип- дириҥ,
Күн тэӊэ күлүмүрдэс,
Этэр тыла эриэккэс диэн сөпкө да хоьооҥҥо хоьуйбуттар эбит дии санаатыбыт. Тэрээһиҥҥэ мустубут дьон бары оһуор ʏҥкʏʏтʏн ʏҥкʏʏлээн, кʏргʏɵм оһуохайдаан астынан, дуоьуйан тар5астылар.
Сайдар – үүнэр аналлаах
Сахам тыла саргылаах,
Yрдүү турар үктэлээх,
Өбүгэттэн тѳӊүргэстээх.