Кулун тутар 18 күнүгэр «Дьээбэрэҥ -2023 аһаҕас кɵрʏʏ кʏрэх үһүс төгүлүн биһиги нэһилиэкпитигэр ыытылынна. Дьээбэни-хообону, көрү-күлүүнү көҕүлүттэн туппут, 51 кыттааччы сэттэ нэһилиэктэн кыттыыны ыллылар. Ол курдук Кэбээйи улууһун Мукучу нэһилиэгиттэн «Дэриэбинэчээн» норуот театра, Мастаах нэьилиэгин «Сааскы сирэйдэр» кɵр — кʏлʏʏ бɵлɵҕɵ, «Айдарыы» оҕо фольклорнай бɵлɵҕɵ, Бʏлʏʏ улууһуттан Балаҕаччы нэһилиэгин «Тэбэнэт» бɵлɵҕɵ, Чинэкэттэн «Бэтиэхэлээх бэртэрэ» бɵлɵх, Бɵтʏҥ нэһилиэгиттэн «Бэтиэхэлэр» бɵлɵх, Тыымпы нэһилиэгиттэн Кʏлбэйэ» оҕолор бɵлɵхтɵрɵ уонна Бороҕонтон кɵр — кʏлʏʏ жанрын артыыстара. Норуоттан тахсар талааннары заал иһин толору мустубут кɵрɵɵччʏ уонна 3 киһиттэн састааптаах дьʏʏллʏʏр сʏбэ сыаналаатылар. Чахчы да кɵр — кʏлʏʏ жанрын баһылаабыт, бииртэн биир бастыҥ коллектив сценаҕа тахсан барыта 34 нʏɵмэри биир тыынынан кɵрдʏбʏт. Хас биирдии сценаҕа тахсыбыт нʏɵмэр аайы кɵрɵɵччʏ ытыһын тыаһынан ахсаабахха доҕуһуоллаан, биһириирин, сɵбʏлʏʏрʏн биллэрэ олороро, артыыстарга оруолларын толороллоругар улахан кʏʏс — кɵмɵ буолбута саарбаҕа суох. «Дьон талааннаах да буолар эбит» диэн кɵрɵɵччʏ сɵҕɵ — махтайа кэпсэтэллэрин киһи ʏɵрэ истэр. Чахчы да ʏрдʏк таһымнаах тэрээһин буолан ааста. Дьʏʏллʏʏр сʏбэҕэ миэстэлэри быһаарыы уустуктардаах соҕус буолла, бииртэн биир бастыҥ толоруу, бииртэн биир бастыҥ коллектив.