Муус устар 21 кʏнʏгэр, нэьилиэк тʏɵлбэлэрин икки ардыгар, “Сайдыы — тʏмсʏʏ бастыҥ тʏɵлбэтэ” комплекснай кɵрʏʏ — кʏрэх чэрчитинэн, “Эр хоьуун” кʏрэх буолан ааста.
Нэһилиэк тʏɵлбэлэриттэн тʏɵртʏʏ эр киьилээх хамаандалар илин –кэлин тʏһʏстʏлэр.
Кʏрэх этаптара:
- Хамаанда билиһиннэриитэ
- Бултка сыһыаннаах ыйытыкка хоруй
- Дартс
- Эстафета;
— Паалкалаах сʏʏрʏʏ
— Мэһэйдэри туорааһын
— Булчут малын ыһыы, хомуйуу
— Куул кэтэн сʏʏрʏʏ
— Болуота туорааьына
— Паровозтаан сʏʏрʏʏ
5. Канат тардыыта
Тыҥааьыннаах киирсии тʏмʏгʏнэн “Сайдам” тʏɵлбэ эр хоһууннара эрэллээхтик бастаатылар. Иккис миэстэни “Сарыал” тʏɵлбэ ылла.Кыайыылаахтар мэдээллэринэн, дипломнарынан уонна харчыннан на5араадаланнылар. Тʏɵлбэлэрин сылы быьа ыытыллар кɵрʏʏ — кʏрэҕэр олус наадалаах очкону киллэрдилэр. Кыайыылаахтары ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит, инникитин да ситиһиилэри баҕарабыт.