1922 с. муус устар 27 күнүгэр Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ. Бу хотугу кыраайбыт сайдыытыгар быһаарыылаах түгэнинэн буолбута. Биһиги Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэбитин төрүттэспит дьону – Былатыан Ойуунускайы, Максим Аммосовы, Исидор Бараховы, биир дойдулаахтарбытын Степан Аржаковы, Степан Гоголевы, Саха Өрөспүүбүлүкэтин 17 сыл салайбыт уҺулуччулаах, өркөн өйдөөх Гавриил Чиряевы онтон да атыттары өрүү махтана ахтабыт, саныыбыт, сүгүрүйэбит.
Бу кʏнʏ нэһилиэкпитигэр ʏɵрэн — кɵтɵн туран бэлиэтээтибит. Тэрээһин ʏɵрʏʏлээх чааһа Сахабыт сирин Өрɵгɵйʏн ырыатынан саҕаланна. Эҕэрдэ тыллар этилиннилэр, Сахабыт сирин уруйдуур – айхаллыыр ырыалар ылланнылар уонна кырачаан оҕолорбут хомуска оонньоон дьон сэҥээриитин ыллылар. Ол кэннэ мустубут дьон кʏргʏɵм оһуокайдаан саха буоларбытынан киэн тутта сананныбыт. Мантан салгыы тʏɵлбэлэринэн остуол оонньуутугар кʏрэхтэһии тэрилиннэ.