Бүгүн Кыайыы күнэ
Бүгүн Өрөгөй күнэ
Болуоссаттар, уулуссалар
Кыайыы былааҕынан
Кытыаста умайаллар
Мөлүйүөнүнэн саллааттар ыар көлөҺүннэринэн, кыа хааннарынан толуктанан, тыыл дьонун сындыл5аннаах үлэлэринэн кэлбитэ Кыайыы күүтүүлээх күнэ Ыам ыйын 9 кунэ 1945 сыл. Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр Боро5он нэһилиэгин дьоно — сэргэтэ, Кыайыы 78 сылын үөрэ – көтө, хайдах курдук бүтүн норуот күүстээх санаатынан, сындылҕаннаах үлэлэринэн, хорсун быһыыларынан кыттан бу кыайыыны аҕалбыттарын ɵйдɵɵн, долгуйан туран бэлиэтээтэ. «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат» ʏɵрʏʏлээх миитин киэн туттар биир дойдулаахпыт, саха чулуу уола, снайпер Дмитрий Алексеевич Гуляев монуменыгар буолла. Бу кырыктаах сэрии умайар уот кутаатыгар Модут, Боро5он нэҺилиэктэриттэн баран ийэ дойдуларын, бэйэлэрин төрөөбөт сахаларын сирин туҺугар 36 хорсун буойуттарбыт сырдык тыыннырын толук уурбуттара, 25 хорсун буойуннарбыт ʏɵрʏʏ – кɵтʏʏ кɵтɵллɵнɵн дойдуларыгар эргиллибиттэрэ.
Нэһилиэкпит баһылыга А.И.Иванов бар дьонун Улуу Кыайыы кʏнʏнэн эҕэрдэлээтэ, ийэ дойду көҥүлүн көмүскэлигэр өлбүт геройдар кэриэстэрэ үйэ саас тухары өлбөөдүйүө суо5а, кинилэр оҥорбут хорсун быҺыылара номоххо кубулуйаллар, норуот өйүн, сүрэ5ин уонна кини дууҺатын сор5отунан буолалларын умнуо суохтаахпыт диэн тʏмʏктээтэ.
Сэрии толоонуттан эргиллэн кэлбэтэх хорсун буойуттарбыт ааттарын мүнүүтэннэн кэриэстээн, кинилэр сырдык кэриэстэригэр сибэкки дьөрбөтүн уурдубут. Хара килиэптээх саллаат хааһытынан, сылаас чэйинэн олохтоох дьаьалта ʏлэһиттэрэ мустубут дьону күндүлээтилэр.
Онтон салгыы Н.И.Афанасьев аатынан орто оскуола үөрэнээччилэрэ уонна оскуола, детсад ʏлэһиттэрин коллектива строевой хааман кɵрдɵрдʏлэр.
Бүгүҥҥү Кыайыы 78 сылыгар ананар күммүтүн «Өйдөбүнньүк Чүмэчитин» уматан түмүктээтибит.
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!