Бороҕон нэһилиэгэр өр кэмнэргэ салайар үлэ5э сылдьыбыт, нэһилиэк остуоруйатын суруйан хаалларбыт, ытыктанар киьибит Каратаев Дмитрий Афанасьевич 100 сааһыгар ананар тэрээһин бэс ыйын 8 күнүгэр, кини кыыһа Петрова Елена Афанасьевна, аймахтара кө5үлээьиннэринэн буолан ааста. Сарсыарда 10 чаастан олорбут дьиэтигэр тэриллэн турар музей- дьиэ5э, уруу -аймах, доҕор — атас дьоннорун ыҥыран, үөрүүлээх быһыыга майгыга тэрээһини арыйыы сиэрэин — туомун кирпииччэ оһоҕун оттон Сэмэн Федоров алгыс тылынан ал5аан, аал уотун — эһэкээнин айах тутан, кэлбит дьону турукка биир санааҕа киллэрдэ. Салҕыы кыыһа Петрова Елена Афанасьевна истиҥ-эйэҕэс тылынан кэпсээн-ипсээн дьон болҕомтотун эбии тарта. Кини бииргэ үөскээбит, кинилэри кытары дьукаахтыы олорбут, биир тиэргэҥҥэ улааппыт «норуот маастара»,»учууталлар учууталлара» Каратаева Лидия Павловна урукку кэми сэһэргээн ааста. Нэһилиэкпит аҕа баһылыга Иванов Андрей Иннокентьевич аан тылы этэн, Елена Афанасьевнаҕа «нэһилиэк сайдыытыгар кылаатын иһин » бэлиэни дьон- сэргэ ортотугар үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.
Салҕыы тэлгэһэтин иһигэр Каратаев Дмитрий Афанасьевич аатынан дуобатчыттар күрэхтэрэ буолла. 1 — дуоскаҕа 1-5кл.дылы алын кылаас оҕолоругар, 2 дуоскаҕа 6-11кл.улахан оҕолорго,3 дуоскаҕа улахан дьоҥҥо улахан тыҥааһыннаах, эрийсиилээх хас да чаастаах дуобатка илин кэлин түһүстүлэр. Оҕолор оонньуур бириэмэлэригэр Дмитрий Афанасьевич өтөҕөр бэлиэ сирдэринэн баран көрөн -истэн кэллилэр. Дуобат күрэҕэр маннык миэстэлэр таҕыстылар:
1дуоска (алын сүһүөххэ)
1м.- Егоров Дьулустаан
2м.- Осипов Ренат
3м- Николаева Айсена
2дуоска (улахан сүһүөххэ)
1м- Быканов Дамир
2м- Абрамов Вася
3м- Каратаева Оля
3 дуоска(улахан дьоҥҥо)
1м- Константинов Ариан Николаевич
2м- Константинов Александр Николаевич
3м- Скрябин Петр Афанасьевич
Кыайыы өрөгөйүн биллилэр түөстэригэр килбэйэр мэтээллэри кэттилэр, Каратаев Д.А оҕолоро, аймахтара туруорбут бириистэрин тутан үөрүүлэрэ үрдээтэ.
Күнүс үс чаастан модельнай библиотекаҕа «Саха республикатын норуотун айымнньытын тарҕатыыга үтүөтүн» иһин,»Саха республикатын бочуоттаах бэтэрээнэ» бэлиэлэр хаһаайкалара, Үөһээ Бүлүү улууһун иһинэн «Норуот маастара», биир дойдулаахпыт Петрова Елена Афанасьевна «Ийэм сиигин ситэрэн» төрүт сахалыы таҥас быыстапката дьон сэргэ болҕомтотугар таҕыстылар. Елена Афанасьевна олоҕун устатын тухары илиитин сылааһынан тутан- хабан тикпит таҥастарын — саптарын баай уопутуттан санаатын үллэһиннэ. Мустубут дьонно маастар кылаастары көрдөрдө, сахалыы танас ньэмиэттэрин наадыйааччыларга биэртэлээтэ уонна иис кистэлэнэрин кэпсээтэ.
Киэьэ өттүгэр «Ааспыты ахтыһан»диэн саха дьонун сиэринэн сандалы остуолу үүттээх чэй, сахалыы ас арааһын тардан олорон нэһилиэк дьонугар Каратаев Дмитрий Афанасьевич кэрчик кэмнэрин ахтан -санаан, кэпсэтэн -ипсэтэн санаалыын астынан- дуоһуйан бүгүҥҥү бэртээхэй биир бэлиэ тэрээһини түмүктээтибит. Елена Афанасьевна5а а5атын аатын үйэтитэн, нэьилиэгин дьонугар маннык үчүгэй тэрээьини бэлэхтээбитигэр дьонун — сэргэтин аатыттан махталбытын тиэрдэбит. Барыгытыгар дьолу- соргуну, чөл туруктаах, киэҥ көҕүстээх буолун диэн баҕара хаалабыт