Сэтинньи 18 күнүгэр М.Н. Жирков аатынан Оройуоннааҕы култуура Дыбарыаһыгар саха төрүт үгэстэрин киэҥ эйгэҕэ таһаарар, саҥа талааннары арыйар, саха фольклорун көрүҥнэригэр көҕүлүүр, төрүт үгэстэри, саха фольклорун илдьэ сылдьар кэрэ аҥардары өрө тутар, кинилэргэ болҕомтону уурар сыаллаах соруктаах Бүлүү улууһугар Олоҥхо декадатын чэрчитинэн ыытыллар «Олоҥхо дойдутун Далбар Хотуна» фольклор көрүҥнэрин толорооччулар икки ардыларыгар күөн-күрэс буолан ааста.
Күрэскэ 40-60 диэри саастаах 7 кыттааччы Бүлүү куоратыттан, Чинэкэттэн, Бастакы Чочуттан, Бороҕонтон, Дьөккөнтөн уонна ыаллыы сытар Кэбээйи улууһун Мастааҕыттан кыттыыны ыллылар. Күрэс түмүгүнэн хас биирдии кыттааччыга анал ааттар иҥэрилиннилэр, кыттыбыттарын иһин туоһу суруктар, дипломнар туттарылынылар, бириистэринэн наҕараадаланылар. Ол курдук биьиги нэьилиэктэн кыттыбыт талба талаааннаах, саха фольклорун өрө тута сылдьар дьиэ кэргэн далбар хотуна Парасковья Федорова ситиьиилээхтик кыттан «Олоҥхо дойдутун Далбар Хотуна 2023» Кылаан Чыпчаал (ГРАН-ПРИ) кыайыылаа5ынан буолла.
«Иэйии Хотун» — Светлана Харлампьева;
«Мааны Хотун» — Ньургуйаана Саввинова;
«Айыы Хотун» — Марианна Пестрякова;
«Сайдам Хотун» — Анна Семенова;
«Уран Хотун» — Галина Егорова;
«Күбэйэ Хотун» — Люция Сметанина;
«Көрөөччү биһирэбилэ» — Светлана Харлампьева буолла.
Парасковья араас таьымнаах күрэхтэргэ мэлдьи ситиьиилээхтик кыттар, нэьилиэкпит аатын ааттата сылдьар биир бастын кыттааччыбыт. Киниэхэ инникитин да өссө ситиьиилэри, айар талаана арыллан иьэригэр ба5арабыт.