Саха тылын, суругун-бичигин кʏнэ Автор записи:admin Запись опубликована:15.02.2024 Рубрика записиБез рубрики Комментарии к записи:0 комментариев Сахалар былыр-былыргыттан бүөбэйдээн, чочуйан-тупсаран илдьэ кэлбит баайбыт — төрөөбүт төрүт тылбыт. Төрөөбүт тылынан саҥарар, толкуйдуур киһи үөрэҕи-билиини кэбэҕэстик ылынар, өйө-санаата туругурар, майгыта-сигилитэ ситэр, иһирэх иэйиитэ уһуктар, өлбөт үйэлээҕи айар-тутар буолар. Саха алпаабытын төрүттээбит, бастакы лингвист Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүгэр түбэһиннэрэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олунньу 13 күнүгэр төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ бэлиэтэнэр. Бу дьаһалы өрөспүүбүлүкэбит бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев 1996 сыллаахха таһаарбыт анал Ыйааҕар эппитэ. Онтон ыла бу күҥҥэ ийэ тылбыт күнүгэр анаан араас тэрээһиннэр ыытыллар буолбуттара Олунньу 14 кʏнʏгэр Туьулгэ сынньалаҥ киинигэр, төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах тэрээһин олус сэрэхтик буолан ааста. Олохтоох библиотека туруобут быыстапката дьон сэҥээриитин ылла. Тэрээһиҥҥэ мустубут дьону Н.И.Афанасьев аатынан орто оскуола коллетива арыылаах алаадьыннан, кырылыы кыынньар быырпах утаҕынан айах тутан кɵрʏстʏлэр. Сахалыы таҥаһы сайбаччы таҥныбыт оскуола ʏɵрэнээччилэрэ, улахан дьон Саха буоларбытынан киэн тутта, Сахабыт сирин Өрɵгɵйʏн ырыатын сʏһʏɵхпʏгэр туран иһиттибит. Дьэ ол кэнниттэн оскуола биир бастыҥ ʏɵрэнээччитэ, активиһа Степа Быкалыров уонна саха тыла ʏɵрэхтээх, Саха Республикатын ʏɵрэҕириитин туйгуна, РФ ʏɵрэҕириигэ уонна оҕону иитиигэ бочуоттаах ʏлэһитэ Наталья Прокопьева Кʏндэ «Тɵрɵɵбʏт тыл» хоһоонун, киһи эрэ долгуйа истиэх ис дууһаларыттан аахтылар. Саха тылын учуутала, Саха Республикатын ʏɵрэҕириитин туйгуна, РФ ʏɵрэҕириигэ уонна оҕону иитиигэ бочуоттаах ʏлэһитэ Наталья Егоровна Мальцева Саха алпаабытын төрүттээбит, бастакы лингвист Семен Андреевич Новгородов олоҕун, ʏлэтин сырдатар прензентация оҥорон билиһиннэрдэ, оҕолор билиилэрин тургутар оонньуу ыытта. Онтон салгыы «Төрөөбүт төрүт тылым» диэн ааттаах «Т.О.К» кʏрэх буолла. Библиотекарь Саргылана Каратаева сахалыы араас кɵрʏҥ боппуруостары киллэрэн бэлэмнээбит ыйтыктарыгар, бэриллибит бириэмэҕэ хоруйдаатылар. Манна барыта ʏстʏʏ киһилээх тʏɵрт хамаанда кʏɵн кɵрʏстэ, саха тылын тɵһɵ билэллэрин тургуттулар. Тыҥааһыннаах киирсии тʏмʏгʏнэн бастакы миэстэни «Саһарҕа» хамаанда — салайааччы Наталья Быкалырова, иккис миэстэни «Туймаада» хамаанда — салайааччы Айталина Шелехова, ʏһʏс миэстэтэни «Дьулуур» оҕолор хамаандалара – салайааччы Степа Быкалыров ыллылар. Дьэ, бу курдук, төрөөбүт төрүт тылбытыгар аналлаах ыытыллыбыт тэрээһиммит сэргэхтик ааста. Кыттааччылар бары үөрэ-көтө оонньоон, ийэ тылларын өссө билэн, кининэн киэн туттан саха буолан сандаарбыттара буолуо диэн эрэнэбит. Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыт дьоммутугар бар5а махтал тылларын этэбит. Вам также может понравиться А5ам саастаахтар куннэринэн истиц э5эрдэ! 25.10.2021 «Конкурс «Урун илгэни сомсон» 17.11.2021 Итоги конкурса «Тыл баар, бараммат баай» 15.02.2022 Добавить комментарий Отменить ответCommentEnter your name or username Enter your email Enter your website URL (optional) Сохранить моё имя, email и адрес сайта в этом браузере для последующих моих комментариев.