Киһи – аймах кэрэ анарын кʏнʏнэн, сахалыы сайаҕас алгыстаах, эриэккэс эҕэрдэ энээрдээх, ырыа – тойук аргыстаах, ʏнкʏʏ – битии ʏктэллээх, дьоро киэһэни бэлэхтээтилэр нэһилиэкпит эр хоһууттара уонна «Чэмэли» эдэр ийэлэр тʏмсʏʏлэрэ. — Кʏндʏ Кэрэ анардарбыт! Бу бүгүңңү үөрүүлээх — сааскы бастакы бырааhынньыгынан, кулун тутар 8 күнүнэн эhиэхэ эҕэрдэ буолуохтун! Санаабыккыт салалыннын, үөрүүгүт үксээтин, дьол-соргу тосхойдун, доруобуйа эрэ баар буоллун! Амарах майгылаах, үтүө саналаах күндү дьоммутугар айхаллаах алгыс арыаллаатын, дьол үөрүү доҕуһуоллаатын ʏгүс үөрүүлээх күннэниҥ, уһун уруйдаах олохтонуҥ! – диэн алгыс тылынан саҕалаатылар ыытааччылар Семен Федоров, Елисей Белолюбскай. Ол кэннэ нэһилиэкпит эр хоһууттара сценаттан тʏһэн саалга мустубут кэрэ аҥардарбытыгар сибэкки дьɵрбɵтʏн туттартаатылар. Сценаҕа бииртэн биир сонун ырыаһыттар тахсаннар көрөөччү астына – дуоһуйа ытыс тыаһынан доҕуһуоллаата. Ол курдук Кʏннэй Никифорова сольнай ырыата, Наталья Быкалырова, Ульяна Фомина дуэттара, Виктория Васильева, Айталина Саввинова дуэттара, Парасковья Федорова, Владимир Никифоров дуэттара, Федоровтар уонна Белолюбскайдар дьиэ кэргэттэрин бальнай ʏҥкʏʏлэрэ дьон биһирэбилин ыллылар. Уопсайынан сонун – сэргэх кэнсиэр буолан ааста. Күндү көрөөччүлэрбит ырыа — тойук, үҥкүү — битии, көр — нар дьоро киэһэтигэр дуоһуйа сынньанан, махтал тылларын этэн, астынан тарҕастылар. Бу дьоро киэһэни бэлэхтээбит эр хоһууттарбытыгар, “Чэмэли” тʏмсʏʏ кɵхтɵɵх ийэлэригэр КСК коллективын аатыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит. Куруук ыллыы-туойа, айа — тута сылдьыҥ. Ситиьии сиэтиилээх, табыллыы аргыстаах уьун дьоллоох олохтонун диэн алгыспытын этэбит. Дом…