Үлэ, Эйэ, Маай бырааһынньыгын чэрчитинэн үлэ коллективтарын, нэһилиэк олохтоохторун кʏʏһʏнэн хаар ыраастааһыныгар уопсай субботник буолан ааста.Тэрилтэлэр үлэһиттэрэ тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кытыннылар. Субботник күнүс икки аҥар чааска Скверга хаар ыраастааһыныттан саҕаланна. Урукку кэмнэри санаан үөрэ — көтө хаар ыраастааһын үлэтэ бэрт тэтимнээхтик саҕаланна. «Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ» диэбиттэринии сотору Сквербит хаарын бүтэрэн спорт площадкабытыгар биир санаанан салайтаран тутуспутунан киирэн салгыы үлэбит өссө тэтимирдэ. Бороҕон туруу үлэһит дьоно эдэр көлүөнэҕэ холобур буолан, аҕам саастаах эбээбит Антонина Васильевна киирэн бэйэтигэр дьоҕус хаар соһор иһитинэн тасыһан бииргэ сылдьыбыта күүспүтүгэр күүс эбэргэ дылы гынна. Нэһилиэкпит тэрилтэтин үлэһиттэригэр, сүрдээх көхтөөхтүк үлэ суббуотунньугар кыттыбыт оскуола коллективыгар директор Мальцева Елена Афанасьевнаҕа, Гос учреждения коллективтарыгар махталбытын тириэрдэбит. Оскуола коллектива куруук да, бары ыытыллар тэрээьиннэргэ мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьарынан киэн туттабыт, холобур оҥостобут. Бу курдук өрө күүрүүлээх үлэҕэ детсад, ЖКХа коллективтара дьоннорун түмпэтэхтэрэ киһини хомотор. Инники өттүгэр түмсүүлээх, көхтөөх буолуоххайыҥ диэн ыҥырабыт, барыгытыгар үрдүгүтүгэр ыраас халлааны иллээх — эйэлээх, баай — талым олоҕу, этэҥҥэ буолууну баҕара хаалабыт.