Бүгүн ыам ыйын 8 кʏнʏгэр Улуу Кыайыы күнүн көрсө вездеход көлөлөрүнэн, Кыайыы иһин олохторун толук ууран охсуспут бэтэрээннэрбитигэр, тыылга чэрдээх илиилэринэн Кыайыыны уһансыбыт тыыл бэтэрээннэригэр, оонньооботох оҕо саастаах сэрии оҕолоругар, дьиэлэригэр сылдьан э5эрдэлээтибит. Күндү дьоммутугар анаан э5эрдэ тылы эттэ олохтоох дьаьалта кылаабынай специалиьа Тамара Иннокентьевна Колтовская, ветераннар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Март Михайлович Спиридонов. Кэнчээри ыччаттарбыт ырыаннан эҕэрдэ ууннулар. Олохтоох дьаһалта аатыттан эҕэрдэ суруктары, продуктовай набордары, бэлэхтэри туттардыбыт. Үгэс курдук сыллата ыытыллар э5эрдэбитин ытык дьоммут олус долгуйан, үөрэн — көтөн көрүстүлэр. Бүлүү куоратыгар олорор кырдьаҕастарбытыгар эмиэ Бороҕон аатыттан эҕэрдэбитин, бэлэхтэрбитин тиэрдэн көмөлөстɵ биир дойдулаахпыт Бʏлʏʏтээҕи вневедомственнай охрана5а отделения командира Егоров Иннокентий Иннокентьевич.
Ытыктабыллаах бэтэрээннэрбит! Этэҥҥэ чэгиэн, доруобай сылдьыҥ, сүбэ-ама буола туруҥ, махтанабыт, сүгүрүйэбит. Сэрии толоонугар уонна тыылга Кыайыыны аҕалбыт биир дойдулаахтарбыт хорсун быһыылара уонна дьоһуннаах үтүөлэрэ үгүс көлүөнэлэр өйдөрүгэр-санааларыгар дириҥник иҥэн, эр санааланыы уонна Ийэ дойдуга итии таптал, төрөөбүт-үөскээбит сирбитин көмүскээһин чаҕылхай холобурунан буола туруоҕа!
Кэлэн иһэр Улуу Кыайыы күнүнэн!