Кыайыы Өрɵгɵйдɵɵх кʏнэ Автор записи:admin Запись опубликована:09.05.2024 Рубрика записиБез рубрики Комментарии к записи:0 комментариев Бүгүн бүтүн дойду үрдүнэн Кыайыы 79 сылын чэрчитинэн ыытыллар тэрээһин Бороҕон нэһилиэгэр оҕотуттан ытык кырдьаҕастарбытыгар тиийэ, халлааммыт былыттаах — хаардаах диэбэккэ бары тахсан кыайыыны уһансыбыт бэтэрээннэрбитигэр, ытык дьоммутугар сүгүрүйэн «Ураа!» хаһыынан уруйдаатыбыт. Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа бэтэрээн Николай Иванович Афанасьев аатынан оскуола тэрилтэтин таһыттан бары үлэ тэрилтэлэрэ, оҕолор мустан парадтаан хааман кэлэн «Түһүлгэ» сынньалан киинигэр сэлэлии турдулар. Парады иилээн — саҕалаан кэллилэр нэһилиэкпит аҕа баһылыга Андрей Иннокентьевич Иванов, оскуолабыт директора Мальцева Елена Афанасьевна. Семен Федоров, Елисей Белолюбскай саҥаран — иҥэрэн ыыттылар. Ылбаҕай ырыаларын бэлэхтээн Парасковья, Семен Федоровтар » Мин мантан сэриигэ барбытым» ырыанан саҕалаатылар, ол кэннэ «Улуу кыайыыны уруйдуубут» дуэт толоруутугар, киһи сүргэтин көтөҕөр ырыаны Елисей Белолюбскай, Семен Федоров толорон кэлбит дьон ытыстарын тыаһынан махтанан уруйдаатылар. Бу тэрээһин бэрээдэгинэн Митинг саҕаланна, аан тылы нэһилиэк аҕа баһылыга Андрей Иннокентьевич Иванов күүстээх этиитинэн ахтан — санаан ааста ол кэмнэри. Салгыы Настя, Зоя Аянитовалар толорууларыгар «Журавли» ырыаны ыллаан дьон кутун — сүрүн туттулар. Эдэр көлүөнэ нэһилиэк олохтоохторо бука бары кыайыыны уһансыбыт дьоммутугар сүгүрүйэн махталбыт бэлиэтин Кыайыы монуменыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдубут. Бары тутуспутунан спорт саалатын киэҥ уораҕайыгар киирэн тэрээһиммит өссө күүркэйдэ, киэркэйдэ. Алын сүһүөх оҕолоро «Россия вперед!» флешмоб — салайааччы Иванна Алексеевна үҥкүүлэринэн саҕаланна. Кэлбит дьон ытыстарын тыаһа өрө хабылла түстэ, астыммыттарын биллэрэннэр. Салгыы оскуола директорыгар Мальцева Елена Афанасьевнаҕа тыл бэрилиннэ. Оҕолору, кэлбит дьону эҕэрдэлээтэ. Ылбаҕай ырыаһыппыт эдэр көлүөнэ аатыттан Иванна Фомина толоруутугар » Тучи» диэн ырыаны эҕэрдэ уунна. Оскуола физкультураҕа учууталыгар Мичил Иосифович Трофимовка оҕолор хаамыыларын иилээн саҕалыырыгар тылы биэрдибит. Оҕолор сүһүөхтэринэн арахсан байыаннай хаамыыны көрдөрдүлэр. Күүтүүлээх — кэтэһиилээх сэриини уһансыбыт буойун саллааттарбыт күүс киллэринэр астарын «Саллаат хааһытын» оҕолуун, улахан дьоннуун бука бары аһаан амсайан, кэпсэтэн — ипсэтэн бу бириэмэҕэ бары мустан олордохторуна, оскуолаҕа директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччыта Федорова Парасковья Степановна, соцпедагог — Прокопьева Наталья Трофимовна, география учуутала, фотограф Захаров Алемар Александрович, организатор, советник, физкультура учуутала Фомин Михаил Федорович устан — таҥан оҥорбут Николай Иванович Афанасьев Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнигэр анаммыт эҕэрдэ устууларын көрдөрдүлэр. Оҕолор, бар дьон чуумпуран иһийэн олорон астына көрдүлэр, киэҥ тутуннулар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин культураҕа туйгуна, норуот ырыаһыта, тойуксут Семен Федоров Кыайыы оһуохайын таһааран киэҥ түһүлгэтин төрүттээн этэн — тыынан Кыайыы күнүн уруйун үөһээ куйаарга көтүттэ. Кэлбит дьон астынан дуоһуйан Улуу кыайыыга Ура!Ура!Ураа! хаһыынан бүгүҥҥү тэрээһиммит түмүктэннэ. Бука бары кыттыбыт, ыллаабыт туойбут, үҥкүүлээбит дьоммутугар-сэргэбитигэр барҕа махтал буолуохтун. Куруук бары биир сомоҕо буоллахпытына кыаллыбаты кыайыахпыт, туолбатаҕы тобулуохпут. Улуу кыайыы өрөгөйдөөх күнүнэн!Улуу Кыайыыга УРУЙ! Албан ааттаахтарга АЙХАЛ! Вам также может понравиться Конкурс «Урун илгэни сомсон» 17.11.2021 Конкурс «Тыл баар бараммат баай» 11.02.2022 День защитника Отечества 24.02.2023 Добавить комментарий Отменить ответCommentEnter your name or username Enter your email Enter your website URL (optional) Сохранить моё имя, email и адрес сайта в этом браузере для последующих моих комментариев.