Боро5он нэҺилиэгэ былыр былыргаттан устар ууну сомоҕолуур уран тыллаах оҺуокайдьыттарынан, олонхоҺуттарынан, тимири талбыттарынан уһаарар уустарынан, оҺуор мандар иистэнньэҥнэринэн улууска, Республикаҕа тиийэ биллэр нэһилиэк буолар. Ол курдук биллэр оьуокайдьыттарбыт:
Афанасий Софронович Васильев- Хоохура ОхонооҺой 1929 сыллаахха төрөөбүтэ. Кини биир дойдулааҕа олонхоҺут Дороппуун олонхолуурун батыҺа сылдьан истэрэ, итинтэн сэдиптээн олонхо, оҺуокай, тойук киэҥ аартыгар үктэммитэ. Саха уус уран тылынан олус бэркэ ойуулаан-оҺуордаан айылҕаттан бэриллибит кэрэ куолаһынан, тохтор көмүс кылыҺаҕынан 1950 сылтан ылата сценаҕа тахсан көрөөччү дириҥ биҺирэбилин ылбыта. 1966 сыллаахха Бүлүү түөрт оройуоннарын олонхоҺуттарыгар биир бастыҥнара буолта. Олонхолуурун таҺынан оһуокайдьыт, алгысчыт, тойуксут бэрдэ этэ. Улууска ыытыллар фестиваллар кинитэ суох ааспаттар этэ.
Василий Осипович Каратаев –Багдарыын Баһылай Бороҕон нэҺилиэгэр 1926 сыллаахха тохсунньу 14 күнүгэр төрөөбүтэ. Айылҕаттан талааннаах киҺи диэх курдук, сайын ыҺыаҕы сөбүлүүрэ ис иҺиттэн иэйэн туран оһуокай тылын этэн дуораҺытара, ону таҺынан уран тыллаах буолан сыбаайбалары ыытарыттан, малааһыннары тэрийэриттэн олус астынара.Кини оҕо сылдьан дьон ырыатын истибитин үтүктэр идэлээҕэ, онтон устунан нэҺилиэккэ концерт буоллаҕына кыттар буолбута. 1984 сыллаахха оройуоннааҕы фестивальга тойугунан кыттан бастакы грамотатын ылбыта. Дьэ онтон ыла элбэх төгүллээх Республикатааҕы, оройуоннааҕы фестивалларга лауреат аатын ылбыта, олонхоннон Саха сирин үгүс оройуоннарыгар сылдьыбыта.
Саввинов Дмитрий Николаевич 1922 сыллаахха Бороҕон нэһилиэгэр төрөөбүтэ.Айылҕаттан көхтөөх, уус уран тыллаах, намыын кэрэ, ыраас куоластаах ырыаһыт быһыытынан биллэрэ.Кини улахан бырааҺынньыктарга сүрдээх киэҥ түһүлгэлээх оһуокайы оройуттан тутар, эҥээриттэн тэнитэр ураты талааннаах киһи этэ.
Алексеев Афанасий Семенович 1934 сыллаахха төрөөбүтэ. Кини уус уран самодеятельноска оскуолаҕа үөрэнэр сылларыттан кыттыбыта.Кини ордук пьесаларга талааннаахтык оонньуура,айылҕаттан сүрдээх талааннаах артыыс этэ. Маны таһынан бэртээхэй оһуокайдьыт быһыытынан биллэрэ. Туттуутунан-хаптыытынан, артистичнайынан, ойутан-көтүтэн тэтиминэн чугас эргин холоонноҕо суоҕа.1984 сыллаахха Бүлүү куорат 350 сылыгар аналлаах үбүлүөйүнэй ыҺыахха оһуокайга 1 миэстэлээх.Элбэх төгүллээх фестивалларга бириистээх миэстэлэрдээх.
Колтовской Илья Игнатьевич сэрии ветераныгар тэннээх тыыл ветерана,улууска биллэр оһуокайдьыт, уруу түсчүтэ,алгысчыт,тойуксут.Илья Игнатьевич оһуокай ырыатын аан бастаан Дьоохуга оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан 1943 сыллаахха эппит эбит.Онтон ыла дьарык оҥостон норуот үгэһин үйэтитэн күн сириттэн барыар дылы ыытыллар тэрээһиннэргэ тойуктаан, оһуокайдаан,ыһыахтарга алгыстаан дьон биһирэбилин ылбыта. Элбэх күрэхтэр кыайыылаахтара.
Иванов Николай Тимофеевич уус уран самодеятельность активнай кыттыылааҕа, сцена ветерана, тенор куоластаах ырыаһыт, тойуксут,оһуокайдьыт.элбэх ырыа күрэхтэрин, оһуокай этээччилэр күрэхтэрин кыайыылааҕа.
Барчалырова Акулина Петровна 1921 сыллаахха төрөөбүтэ. Кини 1950 сыллартан саҕалаан оһуокайы этэрэ.Киэҥ дорҕоонноох, тиэмпэлээх,эр киһилии этэр оһуокайдьыт этэ.
Унарова Мария Яковлевна 1930 сыллаах төрүөх. Кини дьүөгэтинээн Мальцева Мария Кирилловналыын оһуокай оонньуутугар куттарын туттаран ыаллыы сытар нэһилиэктэр ыһыахтарын кэрийэ сылдьан оһуокайдыыллара. Кини киһини дьүһүннээн, одуу быһан бэргэн баҕайытык этэр идэлээҕэ үһү.Ити кэмҥэ бэйэ-бэйэни туойсуу-хоһуйсуу эдэр дьон ортотугар сайдыбыт кэмэ быһыылаах.Онон оһуокайын да тыла сүрдээх хомоҕой хоһоонноох эбит.
Боронова Татьяна Петровна(1934-1981) сүрдээх үчүгэй кэрэ куоластаах ырыаһыт быһыытынан нэһилиэгэр биллэрэ. Уус уран самодеятельноһы көрүүгэ мэлдьи үрдүк сыанабылы ылара. Кини оһуокайга бэйэтин кэрэ куолаһынан үтүктэн, кынат буолан дьону сэргэни түмэ тардара, оһуокайга холонон көрөрө.
Прокопьева Наталья Трофимовна Бороҕон агротехническай оскуолатын иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы, саха тылын уонна литературатын учуутала. Кини Олонхоһут Дороппуун орто кыыһа. Гоголевтар оҕолоро, сиэннэрэ бука бары ырыаҕа тойукка дэгиттэр талааннаахтар. Наталья Трофимовна олонхо бары персонажтарын ырыаларын куолаһын араастаан уларытан ыллыыр, пьесаларга олус үчүгэйдик оонньуур, оһуокайдыыр, тойуктуур, маны таһынан хомоҕой тыллаах уруу түсчүтэ. Нэһилиэккэ, улууска ыытыллар тэрээһиннэр, күрэхтэр кинитэ суох барбаттарын тэҥэ. Республиканскай, улууснай күрэхтэр элбэх төгүллээх кыайыылаахтара. Оскуола оҕолоругар «Утум» олоҥхоһуттар бөлөхтөрүн тэрийэн, салайан үлэлэппитэ сүүрбэччэ сыл буолла. Кыргыттара Василина Васильевна, Сааскылаана Васильевна эмиэ ырыаьыттар, тойуксуттар, олонхоьуттар.
Федоров Семен Семенович 1999 сыллаахха Дьокуускайдааҕы культура уонна искусство колледжын төрүт культураҕа салаатын бүтэрбитэ.Семен Семенович 2002 сыллаахха Бороҕоҥҥо күтүөт буолан көһөн кэлбитэ.Онтон ыла культура дьиэтигэр уус уран салайааччыннан үлэлиир. Кини норуот ырыаларын , тойугу ийэ кылыһахтаах ыллыыр улууска ыҥырыкка сылдьар бастыҥ ырыаһыттартан биирдэстэрэ. Ону таһынан оһуокайдьыт, алгысчыт бастыҥа. Билигин «Дуораан» эр дьон вокальнай ансамбылын, «Кылыһах фольклорнай бөлөҕү салайан үлэлэтэр. Республиканскай, улууснай тойукка, ырыаҕа күрэхтэрин кыайыылааҕа.
Кондакова(Каратаева) Анастасия Степановна эдэр кэскиллээх ырыаһыт, тойуксут, оьуокайдьыт, олонхоьут. Кини Республикатааҕы «Эрэл» ансамбль вокальнай группатыгар дьарыктаммыта. 2004 сыллаахха Соҕуруу Кореяҕа норуоттар икки ардыларынааҕы фольклорнай фестиваль кыттыылааҕа.Настя оскуолаҕа үөрэнэр сылларыттан улууска ыытыллар араас көрүү күрэхтэргэ көхтөөхтүк кыттыбыта, элбэх ситиһиилэрдэммитэ. Специалистар быһааралларынан Настя көҕүс кылыһахтаах куоластаах.
Каратаева Ирина Степановна саха торут культуратын тар5атааччы, удьуор иистэнньэн, норуот маастара. Ирина Степановна саха торут культуратын, танаьын сабын, иис кистэлэннэрин тар5атааччылартан биирдэстэрэ, кэрэ кылыьахтаах тойуксут,оьуокайдьыт, ырыаьыт
Софронова Айталина Анатольевна оскуола5а уорэнэр сылларыгар фольклор куруьуогар дьарыктаммыта. Кини норуот ырыаларын, тойугу, оьуокайы, олонхо персонажтарын ырыаларын толорор.