Алтынньы 9 кʏнʏгэр аҕам саастаахтар декадаларын чэрчитинэн бала5аммытыгар остуол оонньуутугар кʏрэхтэҺэн, итии чэйдээх остуол тула олорон, ирэ-хоро кэпсэтэн бэрт сэргэх тэрээҺин ыытылынна. Балаҕаммыт хаҺаайката Наталья Трофимовна мэлдьи да буоларын курдук арыылаах алаадьылаах, ип итии буруолуу сылдьар ис мииннээх, хойуу ʏʏттээх чэйдээх ыалдьыттарын кɵрʏстэ. Мустубут ыалдьыттар ʏɵрэ-кɵтɵ сэлэҺэн, сонуннарын – нуомастарын кэпсэтэн баран, остуол оонньууларыгар сатыырдыын, сатаабаттыын бары олус кɵхтɵɵхтʏк кытыннылар. Социальнай ʏлэҺит Мария Константинова жеребьевка таттаран ол бэрээдэгинэн олус кɵрдɵɵх кʏрэхтэр буоллулар. КʏрэхтэҺээччилэр ортолоругар хаамыска, хабылык диэни саҥа оонньооччулар да бааллар, ону ол диэбэххэ ʏɵрэ-кɵтɵ кыттыыны ыллылар. Кʏрэхтэр тʏмʏктэринэн хабылыкка:
1 миэстэ Мария Константинова
2 миэстэ Петр Афанасьевич
3 миэстэ Март Спиридонов
Хаамыска5а:
1 миэстэ Парасковья Васильева
2 миэстэ Март Спиридонов
3 миэстэ Мария Тимофеева буоллулар. ТэрээҺиҥҥэ кэлэн кыттыыны ылбыт дьоммутугар махталбытын тиэрдэбит. Куруук да маннык кɵхтɵɵх буолуҥ, ыалдьары кырдьары тумнан мэлдьи олох ʏɵҺʏгэр сылдьыҥ.