Бороҕоҥҥо олоҥхо кʏнэ.

Бороҕоҥҥо олоҥхо кʏнэ.

Просмотреть запись

Бүгүн сэтинньи 25 кʏнʏгэр Олоҥхо күнүн бэлиэтиир тэрээҺин Балаҕаммыт дьиэтигэр буолан ааста. Буоларын курдук көмүлүөк оһоҕу оттон, алгыс тылынан арчыланан,  айах тутууттан саҕаланна. Ол  кэннэ  Олоҥхо диэн туох  айымнньытын, хайдах толорулларын оҕолорго билиҺиннэрдилэр, Дьокуускай куоракка буолан ааспыт тэрээҺиҥҥэ Боро5он нэҺилиэгин үс көлүөнэ олоҥхоҺуттара толорбут олонхолорун видеотын көрдөрдүлэр. Билиҥҥи кɵлʏɵнэ ыччаттарбыт  бэйэлэрин саастыыта оҕолор хайдах курдук олонхону толороллорун сэргээн- сэҥээрэн көрдүлэр. Олоҥхону хайдах ааҕалларын, олоҥхо геройдара хайдах туттан -хаптан ыллыылларын билистилэр. Балаҕан хаҺаайката, Республикаҕа биллэр Улуу олоҥхоҺуппут Трофим Петрович Гоголев (олонхоҺут Дороппуун) кыыҺа, олонхоҺут Наталья Трофимовна оҕолорго анаан Бороҕон нэһилиэгин олоҥхоһуттарын билиһиннэрдэ. Аатырбыт олоҥхоҺуппут Афанасий Софронович Васильев (Хоохура) олоҥхону ааҕыытын иһитиннэрдэ. ОлонхоҺуттарбыт Гоголев Трофим Петрович, Каратаев Василий Осипович, Васильев Афанасий Софронович  » Модун Эр соҕотох» олоҥхону толорбуттара кинигэ буолбутун билиҺиннэрдэ. Ол кэннэ оҕолору кылыһах охсуутугар үөрэттэ уонна бэйэлэрин персонажтан Кыталык ырыатыгар, Ат ырыатыгар оҕолор бэйэлэрин холонон көрдүлэр. Бу тэрээһиҥҥэ олохтоох библиотека үлэһитэ  Саргылана Петровна Каратаева уонна оскуола библиотекарья Айталина Гаврильевна Шелехова  буолан «Олоҥхо биһигэ Бороҕон» диэн сүрдээх дириҥ, киэҥ ис хоһоонноох олоҥхоһуттар тустарынан баай матырыйааллаах  быыстапка туруоран дьон сэҥээритин тартылар. Бу быыстапкаҕа биир солун көстүүнэн буолла 2023 сыллаахха тахсыбыт «Бүлүү олоҥхото быстыбат ситимэ» диэн Бүлүү улууһа таһаарбыт олоҥхотун кинигэтигэр, биһиги нэһилиэктэн Василий Осипович Каратаев (Багдарыын), Наталья Трофимовна Прокопьева олоҥхолоро киирбитин билистилэр, онно куйар кодтаах толорооччулар бэйэлэрин ырыалара, тойуктара барыта киирэ сылдьар. Оҕолор олоҥхо персонажтарынан уруһуйдаан аҕалбыттарын быыстапкалаан көрдөрдүлэр, ону таһынан кумааҕынан кукольнай  «Модун Эр  соҕотох» олоҥхо персонажтарын оҥорбуттарын көрдөрдүлэр. Дьэ онтон туран бэһис кылаастан үөһэ оҕолор учууталларын кытары олоҥхо толоруутугар холонон сахалыы таҥастанан бэйэлэрэ талан ылбыт олоҥхолоругар холонон быһа тардан көрдөрдүлэр. Бары эппиэтинэстэнэн, бэйэлэрэ талан ылбыт олоҥхолорун сʏрдээх ʏчʏгэйдик толордулар.Түмүктүүр түһүмэххэ Олоҥхоҕо эмиэ сырдык күүс кыайар, эйэлээх олох эргиллэр диэн саха үгэһинэн ыһыах ыһыллар диэн оҕолорго өйдөбүлү биэрэн оһуокай түһүлгэтэ төрүттэннэ, бу кэнниттэн «Мааны далбар аһылыга» диэн Олоҥхо уйгулаах аһылыгынан айах тутуунан тэрээһиммит түмүктэннэ.Манна кʏндʏ ыалдьытынан анал байыаннай дьайыыга сылдьар Федоров Григорий ийэтэ Антонина Васильевна Федорова кэлэн сэргээн кɵрдɵ уонна бэйэтин ʏтʏɵ тылын — ɵҺʏн тириэртэ. Мустубут ыалдьыттар, оҕолор бары олонхо эйгэтигэр киирэн астынан, дуоьуйан тарҕастылар. Yйэлэртэн — ʏйэлэргэ, аар — саарга аатыра турдун Улуу олоҥхобут!

Добавить комментарий