«Сайдыы түмсүү бастыӊ түѳлбэтэ» кѳрʏʏ кʏрэх спортивнай кʏрэхтэрэ

«Сайдыы түмсүү бастыӊ түѳлбэтэ» кѳрʏʏ кʏрэх спортивнай кʏрэхтэрэ

Кыайыы 80 сылыгар, Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Арассыыйа тыатын хаһаайыстыбатын үтүѳлээх үлэһитэ, аатырбыт уус Мальцев Кирилл Кириллович 100 сааһыгар аналлаах Yрүӊ тунах ыһыах иккис кʏнʏгэр «Сайдыы түмсүү бастыӊ түѳлбэтэ» кѳрүү-күрэх иһинэн ыытыллар тʏɵлбэлэр икки ардыларыгар сахаваболга, канат тардыһыытыгар, эстафетаҕа кʏрэх буолан ааста. Тʏɵлбэлэр олохтоохторо бары да кɵхтɵɵх кыттыыны ыллылар. Кɵрʏҥ аайы илин – кэлин тʏсʏһэн сʏрдээх тыҥааһыннаах киирсиилэр буоллулар. Эстафетаҕа кыра оҕотуттан саҕалаан аҕам саастаах дьоммутугар тиийэ тʏɵлбэлэригэр кыайыы аҕалар туһугар ис дууһаларын ууран туран кыахтара тиийэринэн сʏʏрдʏлэр. Тыҥааһыннаах киирсии тʏмʏгэр эстафета5а маннык миэстэлэри ыллылар:

1 миэстэ – Сарыал тʏɵлбэ

2 миэстэ – Сайдам тʏɵлбэ

3 миэстэ – Кэскил тʏɵлбэ

4 миэстэ — Кʏндэ тʏɵлбэ

           Карат тардыһыытыгар:

1 миэстэ – Сарыал тʏɵлбэ

2 миэстэ – Кʏндэ тʏɵлбэ

3 миэстэ – Кэскил тʏɵлбэ

4 миэстэ — Сайдам тʏɵлбэ

          Сахаваболга:

1 миэстэ – Сарыал тʏɵлбэ

2 миэстэ – Сайдам тʏɵлбэ

3 миэстэ – Кʏндэ тʏɵлбэ

4 миэстэ — Кэскил тʏɵлбэ

Кɵрʏҥ аайы кыайыылаахтар мэдээлинэн, грамотаннан наҕараадаланнылар. Маны таһынан велосипедынан биирдиилээн кʏрэххэ муҥутуур кыайыылах аатын Алексей Игнатьевич Николаев ылла уонна мэтээлинэн, грамотаннан, анал бирииһинэн наҕараадаланна.

Добавить комментарий